Ааспыт нэдиэлэҕэ күүстээх ардахтар түһэннэр «Өймөкөөн» айан суола алдьанан Саха сирин айан суоллара салалта бирикээһинэн сабыллыбытын туһунан иһитиннэрбиппит.
Тута күүстээх үлэ баран, бэҕэһээ, атырдьах ыйын 28 күнүгэр, Өймөкөөн оройуонугар айанныыр суол чөлүгэр түһэриллэн, тырааныспар бары көрүҥэр айан сырыыта көҥүллэннэ. Бу туһунан Саха сирин айан суоллара салалтата иһитиннэрдэ.
Өймөкөөннүүр тыраассаҕа суолу оҥорооччулар ыарахан уйуктаах механизированнай муостаны туруордулар.
Санатар буоллахха, «Өймөкөөн» айан суолун 35+270 км учаастагар күүстээх ардахтар түһэннэр, суолу алдьатан уонна Тарыҥнаах үрэх уута үрдээн, атырдьах ыйын 25 күнүгэр кылгас болдьоххо сабыллыбыта.
Ыам ыйын 18 күнүгэр Түмэллэр аан дойдутааҕы күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу күнү көрсө Саха сирин түмэллэрэ…
Тарас Тарасов-Тускул ыам ыйын 18-23 күннэригэр Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарда диэн "Саха" НКИХ…
Дьокуускайга дьиэҕэ ас тиэрдэр өҥөнү оҥорор тэрилтэҕэ бэҕэһээ, ыам ыйын 16 күнүгэр, травматическай бэстилиэтинэн ытыалаһыы…
"Кобяец" диэн позывнойдаах Саха сирин байыаһа эксклюзивнай интервьютун көрүҥ: https://youtu.be/0NhGRmtQMDU?si=0JJqSb7vfbD_itO1
Саха сирин олохтоохторугар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хапытаалынай өрөмүөн туһунан кэпсиэхтэрэ. Бу туһунан быһа эпииргэ Хапытаалынай…
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэххэ туттарсааччылар биир кэлим эксээмэн баалыгар уонна эбии тургутуулар түмүктэригэр эрэ буолбакка,…