Өймөкөөн суолларын быһаарыы – дойду таһымыгар
Өймөкөөн улууһунан аатырбыт «Халыма» федеральнай суола ааһар буолан, омос иһиттэххэ, суола-ииһэ олус сайдыылаах, туох да харгыһы, кыһалҕаны көрсүбэт улуус дии саныыгын.
Ол эрээри, сайыҥҥы ардахтаах кэмҥэ тыа сирин диэки туһаайыыга федеральнай суолтан арахсан, «Өймөкөөн» өрөспүүбүлүкэтэҕи айан суолугар киирдэххэ, улахан кыһалҕа саҕаланар. Манна сыл аайы хайа уута айан суолларын алдьатан, олохтоохторго араас мэһэй үөскүүр. Хайа үрүйэлэрэ кураан кэмҥэ бааллара-суохтара биллибэт курдук. Улахан ардахха кыра үрүйэлэр дохсун сүүрүктээх үрэххэ кубулуйа түһэллэр уонна айан суолун суурайан, айаны-сырыыны тохтотон кэбиһэллэр. Хайдахтаах да күүстээх тиэхиньикэни туһанан оҥортор, ардах кэмигэр хайаттан сүүрэр уу тугу да тулуппат.
Быйыл Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр күн-дьыл туран биэрэн, айан суолугар ким да эрэйи көрбөтө. Оттон ити кэмҥэ ардыы турбута буоллар, суолталаах тэрээһин ыытыллара саарбах этэ. Ийэ Айылҕа барахсан суолу аһан биэрэн, этэҥҥэ ааспыта. Онтон тэрээһин түмүктэммитин кэннэ икки хонон баран, хас да күнү быһа тохтоло суох түспүт ардах Өймөкөөн нэһилиэктэригэр айанныыр суолу барытын суурайан кэбиспитэ. Томтор уонна Сордоҥноох нэһилиэктэрин хорук тымырдара – Куйдуһун муостата сууллан, Өймөкөөн уонна Төрүт нэһилиэктэригэр айанныыр айан суоллара алдьанан, күн бүгүнүгэр диэри олохтоохтор уустуктары көрсөллөр.
«Наледнай» муостата балаһыанньаны быыһаата
Атырдьах ыйын ортотугар социальнай ситимнэринэн Сордоҥноох нэһилиэгин дьоно алдьаммыт муостанан сатыы туоруу сылдьаллара – дьулаан көстүү этэ. Итиннэ ким эмэ алҕас халтарыйан, ууга былдьаныан сөп курдуга. Дьиҥэр, ити кэмҥэ мотуордаах оҥочо дьону таһар эбит этэ. Ол эрээри сордоҥноохтор туоратар оҥочону куоттаран кэбиһэн, алдьаммыт муостанан туоруурга санаммыттар…
Улуус дьаһалтатын баһылыгын э.т. Александр Иванов балаһыанньаны үрдүкү былаас уорганнарыгар биллэрэ олорбутун түмүгэр, атырдьах ыйын бүтүүтэ СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин уонна Суол управлениетын салалталара исписэлиистэр биригээдэлэрин илдьэ кэлэн суол-иис, муоста тутуутун боппуруоһугар үлэлээн барбыттара. Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров бу үлэ түмүгүн туһунан маннык сырдатта:
– Тырааныспар миниистирин солбуйааччы Анатолий Потапов быйыл сайын Томторго ыытыллыбыт 16-с өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар кураторынан ананан, биир ыйы быһа манна миэстэтигэр олорон үлэлээбитэ. Онон Томтору иккис дойдутун курдук саныыр буолан, туох кыһалҕалаахпытын барытын билэр. Бу да сырыыга Томтор уонна Сордоҥноох икки ардыгар айан суолун бэйэтинэн көрдө-иһиттэ. Кини сылдьар кэмигэр тохтоло суох ардах түһэ турар буолан, Куйдуһун үрэх олус улаатан турар кэмэ этэ. Онон «поддон» – муоста турар кыаҕа суоҕа. Ол иһин салайааччы мотуордаах оҥочонон сылдьан балаһыанньаны үөрэппитэ. «САРМ» муостаны алтынньыга туруорарга быһаарыы ылыннылар. Биригээдэ кэлэн үлэлиир сирин таллыбыт, онно анал тиэхиньикэлэрин туруоран үлэлиэхтэрэ.
«Өймөкөөн» өрөспүүбүлүкэтээҕи суол биир саамай кыһалҕалаах Наледнай учаастагар механизированнай муостаны оҥорон туруордулар. Онон уу түһүөр диэри тустаах биэдэмистибэлэр салайааччылара бу күһүҥҥү уустук тыҥааһыннаах балаһыанньаны көннөрөн бардылар.
Кырдьык, ааспыт ый ортотугар айан суола сууйуллан, харгыстары үөскэттэ, Сордоҥноох уонна Өймөкөөн нэһилиэктэригэр халаанныы сыһан – олохтоох салалтаҕа тыҥааһыннаах кэм үөскүү сырытта. Хата, тустаах биэдэмистибэлэр салайааччылара миэстэтигэр кэлэн көрөн-истэн, быһаарыы ылына охсон, ыксаллаах балаһыанньаны үөскэппэтилэр.
Тутуу матырыйаалын – мотуордаах оҥочонон
Төһө да суол суох буоллар, Сордоҥноох нэһилиэгин баһылыга Альберт Вензель киин куораттан тутуу матырыйаалын нэһилиэнньэ сакааһынан аҕаларын тохтоппотоҕо.
– Номнуо үһүс сырыыбыт. Мотуордаах оҥочонон сайыны быһа үстэ кырынан биэрэктэн биэрэккэ тиэртибит. Дьон сүрүннээн профлиис, хаптаһын, кырааска аҕалтараллар.
Куйдуһун муостатын оннугар «САРМ» муоста туруохтаах. Дьиҥэр сыл аайы маннык «понтоннай» муостаны туруораллар. Куйдуһун муостата баар да эрдэҕинэ, кыһын аайы САРМ муоста турааччы. Онон кыһын «понтоннайынан» эрэ сылдьабыт – чохпутун, курууспутун тиэнэбит. Быйыл да бу боппуруос оннунан хаалар, арай түргэтэтиэхтэрэ, – диэн санаатын үллэстэр Альберт Николаевич.
Төрүт суола сыл аайы суурайыллар
Оттон сайын аайы уһун ардахтан эмсэҕэлиир Төрүт нэһилиэгин суолун бу күннэргэ улуустааҕы дьаһалта «Өймөкөөн улууһа» муниципальнай оройуон инфраструктура сайдыытын тэрийии, быраабы хааччыйыы сулууспатын салайааччытынан анаммыт Василий Поскачин анаан кэлэн үөрэттэ.
– Үлэм бастакы командировкатынан Төрүт нэһилиэгэр сырыы буолла. Сүрүн соругум – уһун ардах кэмигэр хайа уута суурайан кэбиһэр суолун көрүү-истии, нэһилиэк социальнай эбийиэктэрин туругун кытта билсии. Төрүт суола кыһын таас чоҕу тиэйиигэ эрэ ананан оҥоһуллубут суол. Ол эрээри төрүттэр бу суолунан сылы төгүрүччү сылдьаллар. Буолумуна, «Халыма» федеральнай суолугар быһа киирии буолан, олус табыгастаах. Онон олохтоохтор сылы эргиччи сылдьар суол статуһугар киллэрэр туһунан туруорсуулара оруннаах. Улуус салалтатын кытта бу боппуруоска олохтоохтук үлэлэһиэхпит. Бу күннэргэ Төрүт суолун оҥорууга аукцион ыытан, сир тоҥуон иннинэ суолу куттарыахпыт, – диэн бэлиэтээтэ салайааччы.
Куйдуһун муостатын саҥардыахтара
Өймөкөөн улууһун суолларын оҥорууга Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Сахамин Афанасьев икки сылы быһа үлэлэстэ. Ол да иһин ити үтүөтүн өйдөөн, өйөөн бу буолан ааспыт быыбарга Сахамин Милановиһы өймөкөөннөр иккистээн Ил Түмэн дьокутаатынан таллылар. Онон Сахамин Афанасьев ылсыбыт дьыалатыгар – Өймөкөөн тыатын сиригэр хаачыстыбалаах суолу оҥорторорго үлэлииригэр эрэл улахан. Норуот дьокутаата б.дь. атырдьах ыйын 16 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенкоҕа тустаах сурук ыыппыта. Онно кини Куйдуһун муостатын тутары туруорсубута. Ол түмүгэ – муоста тутуутугар өрөспүүбүлүкэтээҕи Суол пуондатыттан 700 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллүбүтүн, суолталаах тутуу 2024 сыл муус устар 30 күнүгэр түмүктэниэҕин туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенкоттан хоруй кэлбитэ.
Аны бу күннэргэ олус улахан суолталаах боппуруос быһаарылынна – дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Халыма» федеральнай суолу былааннаахтык оҥорор туһунан быһаарыы ылынна. Норуот дьокутаата Сахамин Афанасьев бу боппуруоска хайдах үлэлэспитин маннык сырдатта:
– 2021 сыллаахха Судаарыстыбаннай Дуума быыбарын саҕана Уус Ньараҕа олорон үлэлиир ыраах айан суоппардара миигин анаан көрсөн, «Халыма» федеральнай суолу оҥоруу туһунан олохтоохтук туруорсубуттара. «Магадан уобалаһын өттө үчүгэй, Саха сирин суолун туруга быстар мөлтөх, тааска массыынабыт алдьанар, саппаас чаас көрдөнөртөн соло булбаппыт» диэбиттэрэ. Мин суоппардар санааларын өрөспүүбүлүкэтээҕи Тырааныспар министиэристибэтин уонна Суол управлениетын эппиэттээх салайааччыларыгар тиэрдибитим уонна кинилэри кытта докумуон оҥорон, Ил Дархан Айсен Николаевка киллэрбиппит. Аҕа баһылыкпыт туруорсуутунан бу күннэргэ дойду баһылыга Владимир Путин «Халыма» федеральнай суолу оҥорууга быһаарыы ылынна. Онон ыраах айан суоппардарын туруорсуулара олоххо киирдэ.
Ити курдук, Өймөкөөн улууһун айан суоллара бүгүҥҥү күҥҥэ курдук өрүү болҕомтоҕо ылыллан, улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан өйөбүлү оҥороллоругар эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: