Өймөкөөн суолугар оҕо эмсэҕэлээтэ
09.10.2023, 14:00

СӨ ИДьМ ГИБДД управлениетын тус архыыбын хаартыската туһанылынна
Бөлөххө киир:
Өймөкөөн оройуонугар оҕо эчэйиилээх массыына саахала таҕыста. Ол курдук 1953 сыллаах төрүөх суоппар «Тойота Рав 4» массыынанан Магадантан Уус Ньара диэки айаннаан иһэн уруулун сатаан туппакка суолтан туораан хаалбыт, ол түмүгэр массыына эргийбит.
Саахал түмүгэр 2015 сыллаах оҕо уонна суоппар эчэйиилэри ылан Өймөкөөн оройуонун киин балыыһатыгар киллэриллибиттэр. Бэрэбиэркэ кэмигэр биллибитинэн, суоппар арыгы испит. Ол курдук анаалыс түмүгэ 0,600 мг/л көрдөрбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: