Өймөкөөн Төрүтүгэр 90 саастаах тыыл бэтэрээнин баһылык кыстык маһынан хааччыйда
Бу күннэргэ улуус кииннэригэр, нэһилиэктэргэ, тэрилтэлэргэ Улуу Кыайыыга анаммыт араас ис хоһоонноох тэрээһиннэр буола тураллар.
СӨ Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ быйыл саас “Бэтэрээҥҥэ көмөлөс” диэн биллэрбит эстэпиэтэ-аахсыйатын өйөөн, соторутааҕыта Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин баһылыга Владимир Алексеев 90 саастаах тыыл бэтэрээнэ Мария Гаврильевна Кондаковаҕа кыстык маһын киллэрэн биэрдэ.
“Саас аайы кыстыыр маспын киллэртэрэр сорук турар. Быйыл олохтоох дьаһалта баһылыга Иннокентий Неустроевы кытта кэпсэтэн, кыстык маспын киллэртэрэн кэбистэ. Онон Владимир Петровичка кыһамньытын иһин барҕа махталбын тиэрдэбин”, — диэн ытык кырдьаҕас “Саха сирэ” саайтка үөрүүтүн үллэһиннэ.
Олохтоох дьаһалта баһылыктара ити курдук бэтэрээннэрин өйөөн, үлэ араас көрүҥүн бэйэлэринэн көҕүлүүллэрэ хайҕаллаах суол.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: