Өймөкөөн Төрүтүгэр суолларын туруорсаллар
Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр буолбут отчуот мунньаҕар баһылык Иннокентий Сивцев быстах байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр 2023 сыл устата олохтоох урбаанньыттар маҕаһыыннарыттан бородуукта ыларга 1500 солкуобайдаах толуоннары туттарда.
— Өймөкөөн улууһуттан мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр улуустааҕы ыстаап салайааччыта, баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Раиса Садыкова улуус киинин маҕаһыыннарын салайааччыларын кытта сүбэлэһэн баран, босхо ас бородуукталарын толуоннарын кэпсэтэн эрэллэрин туһунан иһитиннэрбитэ. Биһиги нэһилиэкпит урбаанньыттарын “бу үтүө дьыалаҕа кыттыһаллара буоллар” диэбитэ. Онон Изабелла Кондакованы уонна Иванна Атласованы кытта кэпсэтэн, мобилизацияҕа сылдьар дьон дьиэ кэргэттэрэ ый аайы 1500 солкуобайдаах аһы-үөлү атыылаһар буоллулар. Улуус ыстааба кинилэргэ анал толуон оҥорторбутун баһылык нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүгэ туттарда.
Иннокентий Семенович тыа сиригэр култуура сайдыытыгар кылааттарын иһин бибилэтиэкэр Нина Чачуаҕа уонна кулууп уус-уран салайааччытыгар Лилиана Потаповаҕа СӨ Култуура уонна духуобунас миниистирэ Юрий Куприянов Махтал суругу ыыппытын туттарда, — диэн “Төрүт нэһилиэгэ” МТ баһылыга Владимир Алексеев кэпсээтэ.
Төрүккэ сырыытын кэмигэр улуус баһылыга Иннокентий Сивцев 60 сыл бииргэ олорбут Төрүт нэһилиэгин ытык ыала Семен уонна Акулина Егоровтарга сылдьан, бэлиэ күннэринэн эҕэрдэлээтэ.
Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо отчуокка үгэс быһыытынан “Халыма” федеральнай суолтан киирэр Төрүттүүр суол оҥоһуутун туруорустулар. Кэлиҥҥи сылларга кыһынын тарыҥынан туораппат, сайынын уута уолар харгылаах Элги өрүһү тумнар буолан, төрүттэр улаханнык абыраннылар. Ол эрээри бу суол чоҕу таһыыга эрэ анаммыт буолан, кыһыҥҥы эрэ кэмҥэ туттуллар статустаах. Оттон төрүттэр бу суолу сайын эмиэ туһаналлар. Онон сайыннары-кыһыннары көрүүгэ-истиигэ наадыйарын быһыытынан уонна тохтоло суох үлэлии турар буолан, Төрүт олохтоохторо суолларын “сылы эргиччи үлэлиир” статуска көһөртөрөөрү гыналлар. Бу, туһугар, сайдыы эмиэ биир көрүҥэ. Урукку сылларга Төрүккэ кэлэр араас таһымнаах салайааччылар олохтоохтор өр сылларга суол тутуутун туруорсалларын эрдэттэн билэн кэлэллэрэ. Ол өр туруорсубут суоллара оҥоһуллан, кэлиҥҥи биэс сылга төрүттэр аны “сылы эргиччи үлэлиир суол” статуска көһөрөргө туруорсаллар. Ити курдук, олох сайдан истэҕин аайы, ким билиэй, баҕар, сотору кэминэн аны асфальт суолу тутарга туруорсуохтара. Ол кэлэр кэмтэн бэттэх кэллэххэ, сайын аайы дохсун ардах үрүйэлэринэн суолларын сууйан кэбистэҕинэ, олохтоох эр дьон сүгэлэрин туппутунан суолларын өрөмүөннээри субуотунньугунан тахсаллар.
Оннук субуотунньуктаан, ааспыт сайын хаста да мас муоста оҥорон, олохтоохтор холкутук айанныы сырыттылар.
Хайдах өрүү сүгэлэрин туппутунан сылдьыахтарай, онон эмиэ суолларын анаан туруорсаары, төрүттэр быйылгы бырабыыталыстыба отчуотун эрэнэ кэтэһэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: