Өймөкөөн Төрүтүгэр тыыл бэтэрээнэ оҕолуу үөрдэ

Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылынан сибээстээн, улуустарга уонна нэһилиэктэргэ араас кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр ыытылла тураллар.
Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо, нэһилиэк уһуйаанын эппиэттээх үлэһитэ, бэрэстэбиитэллээх уорган дьокутаата Октябрина Столярчик уонна иитээччи Вера Полятинскаяны кытта оҕо саадын оҕолорун соторутааҕыта олохтоохтор бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн тутуллубут Бэтэрээннэр искибиэрдэригэр анаан сырытыннаран, экскурсия оҥордулар.
— Матасыыкыл көлөнү 7-с кылаастан ыла ыыппытым. Бу тиэхиньикэҕэ правалаахпын. Туох баар дьиэ ис-тас үлэтигэр наадалааҕы бу көлөбүнэн таһабын, аҕалабын. Билигин матасыыкылбынан уһуйааҥҥа тэпилииссэҕэ наадалаах буор, чох таһа сылдьабын. Онон тыа сиригэр бу көлөттөн ордук туһалаах суох. Бу илдьэ сылдьар көлөм «китайскай муравейнигынан» биллэр. Миэхэ бу тиэхиньикэни кэргэним Юрий Иннокентьевич бэлэхтээбитэ. Бу күннэргэ уһуйааммыт оҕолорун саҥа тутуллубут Бэтэрээннэр искиэбэрдэригэр илдьэн күүлэйдэттибит, экскурсия оҥордубут.




Биһиги түөлбэбитигэр олорор тыыл бэтэрээнэ, 92 саастаах Афанасий Десяткины «шефтэһиигэ» ылбыппыт. Онон сааскы ичигэс күн ытык киһибитин матасыыкылбар олордон, уһуйаан оҕолорун кытта Бэтэрээннэр искибиэрдэригэр эмиэ сырытыннардым. Афанасий Иванович оҕолуу үөрэн-көтөн, сирэйдиин-харахтыын ис иһиттэн сырдаан кэллэ, — диэн сонунун үллэһиннэ Октябрина Столярчик.
… Ити курдук, тыыл бэтэрээннэригэр кыра да оҕолуу үөрүүнү бэлэх уунар дьон ахсаана элбии турдун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: