Өймөкөөн Төрүтүгэр тыыл бэтэрээнэ оҕолуу үөрдэ

Share

Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылынан сибээстээн, улуустарга уонна нэһилиэктэргэ араас кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр ыытылла тураллар.

Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо, нэһилиэк уһуйаанын эппиэттээх үлэһитэ, бэрэстэбиитэллээх уорган дьокутаата Октябрина Столярчик  уонна иитээччи Вера Полятинскаяны кытта оҕо саадын оҕолорун  соторутааҕыта олохтоохтор бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн тутуллубут Бэтэрээннэр искибиэрдэригэр анаан сырытыннаран, экскурсия оҥордулар.

Матасыыкыл көлөнү 7-с кылаастан ыла ыыппытым. Бу тиэхиньикэҕэ правалаахпын. Туох баар дьиэ ис-тас үлэтигэр наадалааҕы бу көлөбүнэн таһабын, аҕалабын. Билигин матасыыкылбынан уһуйааҥҥа  тэпилииссэҕэ наадалаах буор, чох таһа сылдьабын. Онон тыа сиригэр  бу көлөттөн ордук туһалаах суох. Бу илдьэ сылдьар көлөм «китайскай муравейнигынан» биллэр. Миэхэ бу тиэхиньикэни кэргэним Юрий Иннокентьевич бэлэхтээбитэ. Бу күннэргэ уһуйааммыт оҕолорун саҥа тутуллубут Бэтэрээннэр искиэбэрдэригэр илдьэн күүлэйдэттибит, экскурсия оҥордубут.

Биһиги түөлбэбитигэр олорор тыыл бэтэрээнэ, 92 саастаах Афанасий Десяткины «шефтэһиигэ» ылбыппыт. Онон сааскы ичигэс күн ытык киһибитин матасыыкылбар олордон, уһуйаан оҕолорун кытта Бэтэрээннэр искибиэрдэригэр эмиэ сырытыннардым.  Афанасий Иванович оҕолуу үөрэн-көтөн, сирэйдиин-харахтыын ис иһиттэн сырдаан кэллэ, — диэн сонунун үллэһиннэ Октябрина Столярчик.

… Ити курдук, тыыл бэтэрээннэригэр кыра да оҕолуу үөрүүнү бэлэх уунар дьон ахсаана элбии турдун!

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга эр киһи массыына түннүгүн алдьатан, солуонтан мал уорбут

Дьокуускай куорат 1 №-дээх полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи уоруу туһунан сайабылыанньа түһэрбит. Биллибэт…

27 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ньурбаҕа сүппүт оҕону буллулар

Эрдэ, атырдьах ыйын 18 күнүгэр киэһэ Ньурба улууһугар 2010 с.т.  оҕо пиэрмэҕэ матасыыкылынан баран иһэн…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чурапчыга тыа сирин гаастааһын бырагырааманан 3400-тэн тахса дьиэ гааска холбонно

«Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников бүгүн Чурапчы улууһугар үлэлээтэ. Кини улуус баһылыга Степан Саргыдаевы…

52 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Движение первых» хамсааһын настаабынньыктара муһуннулар

Бүгүн, атырдьах ыйын 19 күнүгэр, Дьокуускай куоракка "Движение первых" хамсааһын настаабынньыктарын эрэгийиэннээҕи сэминээрдэрэ буолла. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Киэһээҥҥи аһылыкка кабачоктан судургу ырысыап….

Кабачок саҕа түргэнник үүнэр, олус битэмииннээх оҕуруот аһа суоҕун кэриэтэ. Биһиги эһиэхэ кабачоктан барыанньа, лечо…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга матасыыкыллаах итирик киһи суол быһылаанын оҥорбут

Бу сарсыарда 05:00 саҕана Дьокуускайга СӨ Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин бөлөҕөр Богатырев уулуссатыгар…

1 час ago