Өймөкөөн Төрүтүгэр үлэ лааҕырын үлэтин сөргүттүлэр
Быйыл сайын Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр үлэ лааҕыра үлэлээтэ.
«Бу лааҕыр уолаттарын оскуола дириэктэрэ Гаврил Павлуцкай «Зеленка» диэн учаастакка элбэх сыллаах от күрүөтүн тутуутугар үлэлэттэ. Агро-хайысхалаах оскуола статуһун ыларга үөрэхпит тэрилтэтэ үлэлэспитэ икки сыл буолла. Тэпилииссэҕэ араас үүнээйини уонна стеллажка моркуоп, сүбүөкүлэ, хоруудаҕа хортуоска үүннэрэргэ уопут баар. 2022 сыллахха саҥа сиргэ хортуоппуй учаастагын хорутан, иэнэ билигин кэҥээн турар. Үүнээйини үүннэрии уонна сылгыны иитии хайысханы тутуһан, быйыл «Зеленкаҕа» сир хорутуллан, ол күрүөлэнэр. Маны тэҥэ, биһиги оскуолабытыгар иккис сылын кууруссаны иитиигэ ылсан үлэлииллэр. Үлэ лааҕырын оҕолоро самаан сайыҥҥа сөтүөлээн, сибиэһэй салгыҥҥа үлэлээн-хамсаан, күүс эбинэн, аны аҕыйах хонугунан оскуолаларыгар ситэн-хотон кэлэн, саҥа саҕахтары арыйан, өссө биир кэрдиис үөһээ тахсыахтара диэн эрэнэбит, — диэн улуустааҕы «Хотугу сардаҥа» хааһыакка бэйэтин сонунун осуола учуутала Елена Черемкина үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: