Салгыы
Өймөкөөн Төрүтүн бэтэрээннэрин дууһалара өрүү эдэр

Өймөкөөн Төрүтүн бэтэрээннэрин дууһалара өрүү эдэр

10.10.2024, 17:00
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр  Пантелеймон Тулааһынап аатынан култуура дьиэтигэр  «Дууһалыын өрүү эдэрдэр» диэн дьоро тэрээһининэн Аҕам саастаах дьон дэкээдэлэрин үөрүүлээхтик түмүктээтилэр.

Саастаах дьоҥҥо анаммыт дэкээдэ улуус бу биир көхтөөх олохтоох нэһилиэгэр бэрт сэргэхтик ааста. Ол курдук, үлэ бэтэрээннэрин дьиэлэригэр бибилэтиэкэ дэсээнэ, оскуола оҕолорун «Бэтэрээннэр – биһиги болҕомтобутугар» диэн аахсыйалара, Култуура дьиэтин үлэһиттэрин Аҕам саастаах дьон күннэригэр анаммыт дьоро киэһэлэрэ бэрт дириҥ ис хоһоонноохтук ааста.

Улуустааҕы сахалыы тыллаах «Хотугу сардаҥа» хаһыаты сонун тыыннаан сөргүппүт кыраайы үөрэтэр суруналыыс, суруйааччы Сергей Егоров-Кэрэспэдьиэн Сэргэй аатынан бибилэтиэкэ үлэһитэ Нина Чачуа үлэ бэтэрээннэригэр «Бибилэтиэкэ дэсээнэ» диэн тэрээһинэ номнуо үгэскэ кубулуйбут эбит. Аҕам саастаах дьон күнүгэр дьиэттэн ырааппат үлэ бэтэрээннэрэ бу тэрээһини анаан кэтэһэллэрин,  бибилэтиэкэри кытта дэсээҥҥэ анаан сылдьыһан итэҕэйдим.

Бибилэтиэкэ бастыҥ ааҕааччыларынан Захаровтар дьиэ кэргэн буолаллар. Онон туох саҥа кинигэ кэллэ да, тута кинилэргэ «дэсээнниибин», — диэн кэпсиир Нина Григорьевна.

Ыал ийэтэ Раиса Захарова «саамай үөрэрбит — улууспут хаһыаттарын сурутууга «умуннубут быһыылаах» диэн  толкуй да киирбэт, бибилэтиэкэрбит бэйэтэ көрө сылдьан суруппут буолар.

Оттон хаһыат тахсыбыт күнүн биири да көтүппэт. Кэлээтин кытта тута тиэрдэр.

Саҥа кинигэлэри бастакынан мин ааҕабын» диэн үөрэ-көтө кэсиир Раиса  Ивановна.

Үлэ бэтэрээнэ, Горнай Маҥанытыттан төрүттээх Марфа Егорова Төрүккэ кэлэн олохсуйбута быйыл 50 сылын туолар. «Сүүрбэччэлээх кыыс Төрүккэ кийиит буолан кэлбитим. Ол онтон ыла Төрүтүм — иккис дойдум. Кэлиҥҥи сылларга оҕолорбун батыһан, төһө да атын сиргэ олордорбун, Төрүппэр сыл аайы кэлэ турабын. Кулун тутартан алтынньыга диэри манна сайылыыбын. Кыһын кыыспар Нерюнгригэ кыстыыбын. Сааскыга диэри нэһиилэ тулуйабын. Олох Төрүппүн ахтан аҥарым эрэ кэлэр. Онтон күн аайы салгын сиэн, ыраас салгынынан дуоһуйа тыынабын. Күн аайы хаамабын. Аара суолбар бибилэтиэкэбэр киирэн кинигэ, хаһыат ааҕан, бэркэ сэргэхсийэн тахсабын», — диэн санаатын үллэстэр Марфа Николаевна.

Эмиэ «кинигэ» диэн баран муннукка ытаабыт педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ульяна Слепцова  аахпыт кинигэлэрин анаан мунньан, бибилэтиэкэрин кэтэһэн олороро.  Ульяна Иннокентьевна, таптал, олох араас очурдарын туһунан, детективы анаан сакаастаан ааҕар эбит.

Оскуола оҕолоро бэтэрээннэргэ болҕомтолоох сыһыаннарын Герасим Кривошапкин аатынан орто оскуола 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Рудольф Беляев көрдөрдө. Кини бэтэрээннэр олорор олбуордарын аана алдьаммытын көрөн, аҕатын кытта сүбэлэһэн баран, олбуор саҥа аанын олордон, кырдьаҕастары үөртэ да, соһутта да.

Бырааһынньык дьоро  бырагыраамата олус дириҥ ис хоһоонноохтук толкуйдаммытын бэлиэтиир тоҕоостоох.

Ол курдук, “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн рецепт күрэһигэр Анна Березкина тэҥнээҕин булбата.

Оттон Акулина Егорова “Нарьян Мар”, Афанасий Гермогенов “Ийэбэр”, Ульяна Слепцова “Барар суолбун маныыллар…”  диэн “короннай” ырыаларын бу киэһэ үөлээннээхтэрэ анаан көрдөһөн ыллаттылар.

Бастатан туран, маннык тэрээһиннэри ыытыы сүрүн соруга – аҕам саастаах дьоммутугар болҕомтону ууруу.

Бу бырааһынньык ытык дьоҥҥо истиҥ махтал тылларын этэргэ бэртээхэй түгэни бэлэхтиир — диэн бэлиэтээтэ Пантелеймон Туласынов аатынан Култуура дьиэтин дириэктэрэ, үөрүүлээх тэрээһини тэрийээччи Надежда Босикова.

Бибилэтиэкэр Нина Чачуа төрүттэр киэн туттар биир дойдулаахтарын – кыраайы үөрэтэр суруналыыс Петр Атласов-Элгиинискэй, Арассыыйа үтүөлэх геолога Бустенгин Атласов тустарынан олус дириҥ ис хоһоонноох викторинаны бэлэмнээн, бэрт элбэҕи билбэттэрин арыйда.

Холобура, Бустенгин Атласов Чукоткаҕа ийэтин аатынан “Мармихат” (Мария Михайловна Атласова) уонна Төрүт аатынан “Терютдой” диэн үрэхтэри ааттаан анал каартаҕа киллэттэрбит эбит.

Аҕам саастаах дьон күнэ биһиэхэ биир саамай суолталаах күн буолара чуолкай. Маннык ыраас, сырдык көрсүһүүлэр киһи киһиэхэ үтүө сыһыанын арыйаллар, эдэр сааспытын төнүннэрэллэр.

Биһиги олохпутугар маннык чаҕылхай бырааһынньыктар элбии тураллара буоллар”, — диэн бэлиэтээтилэр үлэ бэтэрээннэрэ Афанасий Гермогенов уонна Наталья Атласова.

Билигин Төрүккэ 81 аҕам  көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ олорор. Түөрт тыыл бэтэрээнэ баар. Быйыл 10 киһи 65 сааһын туолар үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.  Бу аҕам саастаах дьон Төрүт нэһилиэгин кэскилин түстээн, олоҕу хамсатар, нэһилиэк дууһата, өйө-санаата, киэн туттуута буолан олорор дьон. Кинилэргэ кытаанах доруобуйаны, өрүү бүгүҥҥү курдук уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттыһан, инники күөҥҥэ сылдьалларыгар баҕарабыт.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: