Өймөкөөн Томторугар айар куттаах хоһоонньуттар түмсэн аастылар

Өймөкөөн Томторугар айар куттаах хоһоонньуттар түмсэн аастылар

25.07.2024, 09:50
Бөлөххө киир:

Өймөкөөн улууһугар Томторго модельнай бибилэтиэкэҕэ олус истиҥ «Хоһоон хонуута» диэн тэрээһиҥҥэ айар куттаах хоһоонньуттар түмсэн санааларын үллэһиннилэр.

Бу туһунан нэһилиэк уопсастыбанньыга Дария Тихомирова сырдатта:

Тэрээһини бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Амгира Спиридонова  сүрүннээтэ. «Уран тыл оһуора» өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан түмсүбүт литературнай түмсүү бөлөҕүн, Раиса Тимофеева-Михайлова салайар үлэтин ситиһиилэриттэн Майя Винокурова сырдатта. Биэс  сыллаах үлэ түмүгүнэн 12476 экземплярдаах 124 кинигэ тахсыбыт, 32 улахан бырайыак оҥоһуллубут. Төрдүс сылын «Сырдык сыдьаайа» түмсүү хоһоон, кэпсээн суруйар оҕолорго литературнай куруһуогу үлэлэтэр. Өрөспүүбүлүкэ 14 литературнай түмсүүтүн кытта санаа атастаһан, араас көрсүһүүлэр тэриллибиттэр, Саха араадьыйатыгар быһа эпииргэ тахсыбыттар. 220 кинигэ национальнай бибилиэтиэкэҕэ бэлэхтэнэн, архыыпка ууруллубут. Горнай улууһун Бэс Күөлүн олохтоохторо баһаарга эмсэҕэлээбиттэригэр 15 тыһыынча солкуобайдаах көмө оҥоһуллубут, Дьэ, доҕоттор, ыраах тымныы полюһун дьоҕус айар түмсүүтэ  киэҥ далааһыннаах үлэ ыыппыт буолбаат!

Бу «Уран тыл оһуора» бөлөх тэриллиэҕиттэн Майя Винокурова-Ньургууна хоһоонноро  араас тиэмэлэринэн тиһигин быспакка бэчээккэ тахсаллар. Өссө хоһооннорун куйаар ситиминэн араадьыйаҕа билиһиннэрбитин элбэх дьон сэҥээрэ уонна  киэҥ тутта истибит буолуохтаах. Кини хоһоонноругар төрөөбүт Өймөкөөммүтүн уруйдуур бэртээхэй ырыалар айылыннылар.

Тэрээһиҥҥэ Үчүгэй нэһилиэгиттэн Мария Винокурова оҕолорго анаан суруйбут хоһооннорун оскуола үөрэнээччиэрэ кэлэн  ааҕан иһитиннэрдилэр. Томтордооҕу «Айар түһүлгэ» литературнай түмсүү салайааччыта Евдокия Готовцева уонна бөлөх чилиэннэрэ  Таисия Харитонова, Степанида Иванова, Евдокия Попова санааларын сайаҕастык үллэһиннилэр. РФ үтүөлээх учуутала, бары ытыктыыр киһибит, кыраайы үөрэтээччи Мария Боярова киэҥ көрүүлээх учуутал быһыытынан, үгэс курдук, санаатын аһаҕастык этиннэ.

Майя Винокурова «Кыайыыга дьулуһан» М.И. Заболоцкайга анаабыт хоһоонун «Уран тыл оһуора» бөлөх таҥан, «Үлэ — дьол» диэн кинигэбэр бэчээттэммит хоһоонун мустубут дьоҥҥо аахтылар. Истиҥ сэлэһии салҕанан, төрөөбүт төрүт тылбытын сахалыы куппутугар иҥэрэн, кыра оҕотуттан саҕалаан, ыччат дьоммутугар хайдах гынан иҥэрэн үйэтитэр туһунан ырытыстыбыт, санаа атастастыбыт.

Амгира Спиридонова сэбиэдиссэйдээх бибилэтиэкэ исписэлиистэрэ Мария Ефимова, Татьяна Белолюбская «Растем вместе с книгой» диэн бырагыраамаҕа кыттыһан, үлэлэрин үгэнигэр сылдьаллар. Билигин оҕолорго сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар араас тиэмэни хабар тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыыталлар. Ол иһин ааҕар дьиэ  күн аайы оҕонон туолар. Айар куттаахтар түмсүбүт тэрээһиннэригэр Майя Винокуроваҕа уонна миэхэ олус истиҥ иэйиилээх Махтал сурук, сурунар блокнот уонна «Чысхаан дойду сылаас тыллааҕа» Н.М. Заболоцкай-Чысхаан кинигэтин бэлэх туттардылар. Бу кинигэни ийэлээх уол Мария Боярова уонна Спиридон Слепцов хомуйан оҥорбуттара уонна бэчээккэ бэлэмнээбиттэрэ.  Ол да иһин Өймөкөөн дьоно бу кинигэни олус күндүркэтэбит.

Биир үтүө үлэ күнэ Томторго итинник дириҥ ис хоһоонноох тэрээһини бэлэхтээн ааста. Хоһоон хомоҕой тылларыгар уйдаран, хоһоонньут Майя Винокурова сэргэх сырдатыыларын көрөн-истэн, дуоһуйан тарҕастыбыт.

 

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: