Өймөкөөн Томторугар Олоҥхо ыһыаҕын эбийиэктэрин тутуу тэтимнээх
Аны икки ыйынан Өймөкөөн улууһун Томторо Олоҥхо Ыһыаҕын ыалдьыттарын көрсүөҕэ.
Бу күннэргэ суолталаах тэрээһиҥҥэ ирдэнэр регламент чэрчитинэн эбийиэктэри тутуу тэтимнээхтик бара турарын, Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин чилиэннэрэ: Ил Дархан сүбэһитэ, Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕын сүрүн режиссера Андрей Борисов, култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, тутуу миниистирин солбуйааччы Евгений Афанасьев, оройуон баһылыгын э.т. Александр Иванов, улуустааҕы тэрийэр кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрэ, нэһилиэктэр баһылыктара «Көмүс Күрүө» этнографическай комплексыгар тутулла турар эбийиэктэргэ сылдьан, үлэ хаамыытын илэ көрдүлэр-иһиттилэр. «Сүрүн түһүлгэни» былырыын «Уран» дизайн-устуудьуйа туппут буолан, бэлэм турар.
Олоҥхо Ыһыаҕын тутууларын ыытар бэдэрээччит тэрилтэ салайааччыта Родион Ефремов бүгүҥҥү күҥҥэ бара турар үлэни билиһиннэрдэ:
— Бу күннэргэ «Олоҥхо түһүлгэтэ», «Туос ураһа», «Күнү көрсүү түһүлгэтэ», «Оҕо балаҕана», «Тойон аан» эбийиэктэри таҥан туруоран эрэбит.
Бу хаартыскаҕа «Туос ураһа» каркааһа турар. Былырыын бу тутууну «Уран» дизайн-устуудьуйа оҥорбута. Кыһыҥҥы кэмҥэ былааннаммыт үлэбитин тохтоппотохпут. Үөһээ Бүлүүнэн, Дьокуускайынан тимиринэн, маһынан, туоһунан сүрүн үлэлэри оҥоро сылдьыбыппыт.
Оттон бу хаартыскаҕа көстөр сэргэлэри эмиэ былырыын «Уран» дизайн-устуудьуйа туруорбута. Ураһа туоһа, сэргэ-остуолбалар оһуордара эмиэ эрдэттэн оҥоһуллубуттара.
«Олоҥхо түһүлгэтэ» эбийиэк тимир конструкциянан таҥыллар. Онон манна миэстэтигэр хомуйар, таҥар үлэни ыытабыт.
«Тойон ааҥҥа» 52 оһуор сыһыарылларга бэлэм сытар.
8 маһынан кыһыллыбыт сүүрэн эрэр аттар оҥоһуктарын Дьокуускайга оҥорон аҕалбыппыт.
«Күнү көрсүү» эбийиэк сэргэлэрин эмиэ киин куоракка оҥорон бэлэмнээбиппит. Ол оҥоһуктар бары Томторго кэлэн, ону таҥан туруора сылдьабыт. Олоҥхоһут оҕолор балаҕаннара тутулла турар.
Киин трибуна 39 туонна тимир тирэҕэ бу күннэргэ кэлэн, үлэ күөстүү оргуйар.
Тутааччыларга анаан икки олорор дьиэни арендалаабыппыт. «Долженков ИП» чааһынай тэрилтэ гарааһын кэпсэтэн, Олоҥхо Ыһыаҕын эбийиэктэрин матырыйаалларын киниэхэ уурдаран сытыарабыт. Үлэлиир сирбититтэн барыта чугас.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «Көмүс Күрүөҕэ» эрбии, сүгэ тыаһа үлэ тэтимнээхтик барарын туоһулуур. «Аал Луук Мас» тимир каркааһын «Уран» дизайн-устуудьуйа былырыын туруорбут буолан, үлэтэ барыта бүтэн турар. Быйыл таҥыллара уонна киэргэтиллэрэ эрэ хаалла. Билигин манна «Уран» дизайн-устуудьуйа сүрүн маастара Василий Яроев тутар биригээдэтэ үлэлии сылдьар.
Сыбаарсыктар, суоппардар, тутааччылар биригээдэлэрэ күн аайы үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Өссө икки биригээдэ кэлэн холбоһуоҕа. Онон үлэ тэтимнээхтик барар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: