Өймөкөөн Томторугар саха балаҕаныгар кафе аһылынна
Бу күннэргэ Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр саха балаҕаныгар кафе аанын ыалдьыттарыгар тэлэччи аста. Балаҕан Олоҥхо ыһыаҕын биир өйдөбүнньүк тутуутунан буолар.
Быйыл сайын Томторго тутааччылар биригээдэлэрэ Олоҥхо ыһыаҕын тутууларыгар хото кэлбиттэрин туһанан, нэһилиэк баһылыга Алексей Винокуров олохтоох бүддьүөттэн үп көрөн, анаан кэпсэтэн саха балаҕанын туттарбыта.
— Биһиги нэһилиэккэ бэрт дэгиттэр идэлээх Денис Захаров диэн эдэр киһи күтүөт буолан кэлбитэ. Кини сыбаарсыктан саҕалаан, асчыт бэрдэ. Эбии дохуот киллэринэн, Денис бырааһынньыктарга, бэлиэ күннэргэ эрэстэрээн астарын оҥорон батарарын көрөн, «бу уол талаанын дьоҥҥо туһаҕа таһаардахха сатаныыһы» дии санаабытым. Томторго үгүс ыалдьыт кэлэн ааһар. Онуоха кинилэри аһатар кииннэммит остолобуой да, кафе да суох. Ол иһин саха балаҕанын туттаран, кафе аһарга толкуй киирбитэ. Аны идэтийбит тутааччыны биһиги эҥэр эмиэ ылбычча була охсубаккын. Ол иһин Олоҥхо ыһыаҕар кэлэн үлэлии сылдьар тутааччылары кытта кэпсэтэн, аҕыйах кэм иһигэр бу балаҕаны туттаран ылбыппыт, — диэн кэпсиир Андрей Николаевич.
Бу күннэргэ Саха балаҕана-кафе үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.
Баһылыгы солбуйааччы Айаал Неустроев Денис Захаровка Махтал суругу кутта өйдөбүнньүк бэлэҕи туттарда.
Балаҕан бары сиэри-туому тутуһан, сахалыы алгыстанан аһылынна.
Аһыллыбыт балаҕан аһа-үөлэ куорат эрэстэрээннэриттэн, кафеларыттан олох туох да итэҕэһэ суох!
Сиэдэрэй ас менюта киһи болҕомтотун тардар.
Талбыт ас эриэккэһэ, минньигэһэ манна баар.
«Куорат кафеларыгар да күн аайы маннык аһы амсайбаккын», — дииллэр олохтоохтор.
Аны этэ-үүтэ олохтоох бородууксуйа буоларын санааҥ!
Дьэ, онон аны мантан инньэ Томторго кэлэр туристар, ыалдьыттар саха балаҕанын-кафены аатын ааттаабытынан кэлэр буолуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: