Өймөкөөн Томторугар саха балаҕаныгар кафе аһылынна

Share

Бу күннэргэ Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр саха балаҕаныгар кафе аанын ыалдьыттарыгар тэлэччи аста. Балаҕан Олоҥхо ыһыаҕын биир өйдөбүнньүк тутуутунан буолар.

Быйыл сайын Томторго тутааччылар биригээдэлэрэ Олоҥхо ыһыаҕын тутууларыгар хото кэлбиттэрин туһанан, нэһилиэк баһылыга Алексей Винокуров олохтоох бүддьүөттэн үп көрөн, анаан кэпсэтэн саха балаҕанын туттарбыта.

Биһиги нэһилиэккэ бэрт дэгиттэр идэлээх Денис Захаров диэн эдэр киһи күтүөт буолан кэлбитэ. Кини сыбаарсыктан саҕалаан, асчыт бэрдэ. Эбии дохуот киллэринэн, Денис бырааһынньыктарга, бэлиэ күннэргэ эрэстэрээн астарын оҥорон батарарын көрөн, «бу уол талаанын дьоҥҥо туһаҕа таһаардахха сатаныыһы» дии санаабытым. Томторго үгүс ыалдьыт кэлэн ааһар. Онуоха кинилэри аһатар кииннэммит остолобуой да, кафе  да суох. Ол иһин саха балаҕанын туттаран, кафе аһарга толкуй киирбитэ. Аны идэтийбит тутааччыны биһиги эҥэр эмиэ ылбычча була охсубаккын. Ол иһин Олоҥхо ыһыаҕар кэлэн үлэлии сылдьар тутааччылары кытта кэпсэтэн, аҕыйах кэм иһигэр бу балаҕаны туттаран ылбыппыт, — диэн кэпсиир Андрей Николаевич.

Бу күннэргэ Саха балаҕана-кафе үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Баһылыгы солбуйааччы Айаал Неустроев Денис Захаровка Махтал суругу кутта өйдөбүнньүк бэлэҕи туттарда.

Балаҕан бары сиэри-туому тутуһан, сахалыы алгыстанан аһылынна.

Аһыллыбыт балаҕан аһа-үөлэ куорат эрэстэрээннэриттэн, кафеларыттан олох туох да итэҕэһэ суох!

Сиэдэрэй ас менюта киһи болҕомтотун тардар.

Талбыт ас эриэккэһэ, минньигэһэ манна баар.

«Куорат кафеларыгар да күн аайы маннык аһы амсайбаккын», — дииллэр олохтоохтор.

Аны этэ-үүтэ олохтоох бородууксуйа буоларын санааҥ!

Дьэ, онон аны мантан инньэ Томторго кэлэр туристар, ыалдьыттар саха балаҕанын-кафены аатын ааттаабытынан кэлэр буолуохтара.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago