Бу күннэргэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр ырааһырдыы субуотунньуктара көхтөөхтүк буола тураллар.
Бу туһунан Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров маннык иһитиннэрдэ:
— Сүрүннээн эр дьон үлэтэ буолан, икки күн устата көтүрүллүбүт дьиэлэри ыраастыырга уонтан тахса самосвал уонна икки погрузчик үлэлээтэ.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, Томтор нэһилиэгэр кэлэн үлэлии сылдьар СӨ тырааныспарга миниистирин солбуйааччы Анатолий Потапов салайар биригээдэтэ уонна Саха сирин суолларын управлениетын үлэһиттэрэ көлөлөрүнэн көмөлөһөн уонна тус бэйэлэринэн кыттыыны ылан, сүҥкэн көмөнү оҥордулар.
Бу күннэргэ биир массыына кырааска кэлэн, искибиэрдэри, пааматынньыктары саҥардыы бара турар. Ол курдук, нэһилиэк киинигэр турар Сылгыһыкка анаммыт пааматынньыгы олохтоох дьаһалта исписэлиистэрэ Гаврил Дьячков, Елена Сивцева, Евгения Цой кырааскалаан бүтэрдилэр.
Власий Кривошапкин аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолата уонна “Сайдам” социальнай киин үлэһиттэрэ Чысхаан дьиэтин сууйан-сотон, кырааскалаан саҥардан бүтэрдилэр. Эмиэ тэрилтэлэринэн арахсан, кэккэ бэлиэ эбийиэктэри кырааскалыахпыт, саҥардыахпыт. Ол курдук, Эбэ хайатын үрдүгэр баар эбийиэктэри — балыыһа, “Күнү көрсүү” эбийиэги – оскуола кэлэктииптэрэ кырааскалыахтара. Маны таһынан, бары искибиэрдэрбитин саҥардыахпыт. Онтон бука бары түһүнэн, ыһыах ыытыллар түһүлгэтин бэс ыйын 20 күнүгэр ыраастаан бэлэмниэхпит. Бу күн анал хамыыһыйа бары эбийиэктэри кэлэн тутуохтаах.
Хорчуоппалар остуоллара, ыскаамыйалара тутуллан бүттүлэр. Онон үлэ бары хайысхаларынан тэтимнээхтик барар.
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…