Өймөкөөн Томторугар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын ырыттылар
2024 сыллаахха Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар дьокутааттар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны өйүүр тустаах боломуочуйалары улуустардааҕы олохтоох салайыныы уорганнарыгар сүктэрбиттэрэ.
Парламент спикерэ Алексей Еремеев бу туһунан маннык бэлиэтээбитэ: «Бу быһаарыныы муниципальнай тэриллиилэр эппиэтинэстэрин хас да бүк үрдэтэр. Урукку сылларга оройуон баһылыктара тус сыаллаах үбү түҥэтэллэр эрэ этэ. Онтон билигин улуустарыгар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын бэлиитикэтин олохтоохтук бэйэлэрэ быһаарар буолуохтара. Эбийиэктэри тутууга үбү-харчыны бэйэлэрэ көрөн тыырыахтара. Онон быйылгы сылга муниципальнай тэриллиилэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бэйэлэрэ туспа көрүүлээх үлэлиэхтэрэ”.
Улуус баһылыгын отчуотун кэмигэр муниципалитет баһылыга Александр Оконешников, баһылыгы 1-кы солбуйааччы Алексей Федотов, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытын э.т. Инна Яковлева тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын өйүүр биирдиилээн боломуочуйа боппуруостарыгар Томторго сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыыттылар.
Мунньах кыттыылаахтара улууска от тиэйиитин, үүтү аһы оҥорон таһаарар “молоканкаларын” үлэлэрэ төһө көдьүүстээҕин, ыччаты тыа хаһаайыстыбатыгар тардыы, сүөһү аһылыгын тиэйиитин улуустан үбүлээһин, адьырҕа бөрөнү бултааһыҥҥа идэтийбит булчуттар биригээдэлэрин тэрийии, от үлэтин кэмигэр устудьуоннар этээрэттэрин үлэлэтии, өрөспүүбүлүкэтээҕи граннарга кыттыыга улуустан ураты бырайыактары талыы уонна да атын сонун тосхоллору торумнаатылар.
Маны таһынан, улуус баһылыга Александр Оконешников оройуон социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт кэккэ сүбэ мунньахтары тэрийиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: