Өймөкөөн Томторугар уопсастыбанньыктар улуус салалтатын кытта көрүстүлэр

Share

Ааспыт өрөбүллэргэ Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын салалтата тыа сирин нэһилиэктэринэн сылдьан уопсастыбанай тэрээһиннэргэ кыттыыны ылла.

Ол курдук, Томторго «Дойдубут туһугар түмсүөҕүҥ!» диэн тэрээһиҥҥэ чугастааҕы нэһилиэктэртэн кэлбит  көхтөөх уопсастыбанньыктар кыттыыны ыллылар.  Манна Өймөкөөн нэһилиэгин биир көхтөөх уопсастыбанньыга, мас ууһа, фотограф, ырыа айааччы Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ тэрээһин туһунан  санаатын маннык үллэһиннэ:

Улуустааҕы култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева «Олоҥхо» ассоциацията улууспутугар тэриллэн үлэлиэҕиттэн туох үлэни ыыппытын сиһилии кэпсээтэ. Нэһилиэктэргэ олус тэрээһиннээх үлэ барбыт. Ол да иһин 2023 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын кыайа-хото тутан, бэрт тэрээһиннээхтик ыыттахпыт. Биллэн турар, итинник далааһыннаах улахан тэрээһини биир-икки сылга бэлэмнэнэ охсоот, ыыппатыҥ чахчы. Маныаха, улууспут баһылыгынан үлэлээбит Михаил Захаровка улахан үлэни ыыппытыгар, дьон санаатын уһугуннарбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Кини сүүрэн-көтөн Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын ыытыы боппуруоһун оннуттан хамсаппыта. Ол онно кини биһиэхэ Олоҥхо ыһыаҕа хайаан да ыытыллыахтааҕын этэрин истэ-истэ, «ама, хайаан маннык ыраах хайа быыһыгар олорор Тымныы полюһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыаҕай?» диэн сөҕө саныырбыт. Онон кини көҕүлээһининэн, култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева тэтимнээх үлэни ыытан, кыраайы үөрэтээччи Тамара Васильева Өймөкөөн олоҥхоһуттарын үөрэтэн, кинигэ таһаартаран, дьэ, оннуттан хамсааһын барбыта. Ол курдук, төрүттэр бэйэлэрэ олоҥхо айар буолбуттара. Ол түмүгэр эдэр учуутал Елена Слепцова билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах Олоҥхо ыһыахтарыгар хаардыы хаамар олоҥхоһут бэрдэ буолла.

Елена Потоцкая хаартыскаҕа түһэриитэ.

Сордоҥноохтор 1940-с сыллар саҕаланыыларыгар олоҥхоһут Максим Аммосов саха атыгар олорон айаанныыр Дугуйа Бөҕө Бухатыыры хоһуйбутун булан ылбыттара.  Ол уус-уран айымньы бухатыырын туһунан хоһуйуу Үчүгэй нэһилиэгин ыччата Дугуйдан Винокуров Арассыыйа эрэгийиэннэрин тилийэ айаннаан, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа тиийиитин кытта сөп түбэспитэ дьону сөхтөрбүтэ.

Дмитрий Никонов хаартыскаҕа түһэриитэ

 Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров Өймөкөөн сылгытын иитиигэ болҕомтону уурарга анаан үлэлиир наадатын ыйан туран, нэһилиэгэр саха сылгытыгар пааматынньык туруортарбыта. 

Өймөкөөннөр аатырбыт 1 гильдиялаах меценат-атыыһыппыт Ньукулай Кырбаһааҥкын олорбут балаҕанын чөлүгэр түһэрэн, кини түмэлин туппуппут.

Хара Тумулга Өймөкөөн тымныытын көрдөрөр хаартыска галереятын аһан үлэлэтэбин. Бу Өймөкөөн ураты айылҕатын  түөрт көрүҥүн көрдөрөр айар тыыннаах түмэлим үгүс турист биир сөбүлээн сылдьар сиринэн буолла.

Ити курдук, уопсастыбанньыктар көҕүлээн ыытар үлэбит үгүс.  Баһылык Александр Оконешниковы уонна кини бастакы солбуйааччыта Алексей Федотовы кытта көрсүһүүгэ санаа атастаһыыта  буолла. Иистэнньэҥнэр, уустар, аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ, биирдиилээн уопсастыбанньыктар граҥҥа кыттан, араас хайысхалаах үлэни ыытыахтарын баҕаралларын иһитиннэрдилэр. Улуус баһылыгын солбуйааччы Алексей Федотов  киин уулуустар уопуттарыгар бэйэтин көрүүтүн ыпсаран, дьон тэринэр үлэлэригэр туохха болҕомто ууруллуохтааҕын ыйан-кэрдэн биэрбитин сэргии иһиттибит.  
Сылы түмүктүүр «Дойдубут туһугар түмсүөҕүн! «диэн уопсастыбанньыктар көрсүһүүлэрин соруга  — бырамыысыланнас сайдыбыт  оройуонугар  тыа сирин нэһилиэктэригэр саха төрүт кулууратын сайыннарыы, ыччаты көхтөөх уопсастыбаннай үлэҕэ кытыннарыы,  юридическай сирэйдээх  уопсастыбаннай  түмсүүлэри тэрийии.

Саҥа талыллыбыт баһылыкпыт Александр Оконешников үлэтин биир дойдулаахтарын түмэргэ сорунан саҕалаабытын көрө-истэ билэ сылдьабыт. Кини бу күннэргэ дьонун-сэргэтин кытта сирэй көрсө кэпсэтэн, анаан сүбэлэһэ, кэлэр сылга үлэтин былаанныы сылдьара хайҕаллаах суол. Маннык көрсүһүүлэр олохтоох дьоҥҥо олус улахан суолталаахтар, иннибитигэр эрэли саҕар, сүбэ-соргу тобулар тэрээһиммитинэн буолаллар. Онон бу көрсүһүүттэн саҕыллан, кэлэр сылга улууспут салалтата улахан уопсастыбаннай пуоруму тэрийиини көҕүлүөҕэ диэн эрэнэбит. Онуоха биһиги, уопсастыбанньыктар, көмөлөһөргө, өйүүргэ бэлэммит. 

What’s your Reaction?
+1
14
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Мария Борисова: «Хаачыстыбалаах хонтуруол наада»

РФ үп-харчы үлэтин туйгуна, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ, СӨ судаарыстыбаннай сулууспатын туйгуна,…

17 минут ago
  • Сонуннар

Дьулустаан Борисов: «Ил Дархан стратегическай соруктары туруорда»

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дьулустаан Борисов Ил Дархан Анал этиитин туһунан санаатын үллэһиннэ. -- Быйылгы…

42 минуты ago
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Өйөбүл саҥа демографическай миэрэтэ кэмигэр таҕыста»

Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев Анал этиитин туһунан өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлэр сыл – Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла

Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ил…

45 минут ago
  • Сонуннар

Сергей Сивцев: «Саха тылын сайдыытыгар ситиһиллибити оннунан хаалларар сатаммат»

Норуот дьокутаата, «Арктика суоллара» эксплуатацияҕа генеральнай дириэктэри солбуйааччы Сергей Сивцев Ил Дархан Айсен Николаев Ил…

52 минуты ago
  • Оҕо саас сыла

Дьокуускайдааҕы «Василек» уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир

Дьокуускай куорат 19-c №-дээх "Василек" уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Уһуйаан 1978 сыллаахха ахсынньы аам-даам…

60 минут ago