Өймөкөөн Томторун ыччатын миэстэ былдьаһар Ороһооспотооҕу кэнсиэрэ

Share

Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин олохтоохторо эдэрдиин-эмэнниин бары тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк кыттар дьон.

Ол да иһин кэнсиэр буолла да, нэһилиэк сэргэхсийэ түһэр. Туох кистэлэ кэлиэй, билигин үгүс нэһилиэккэ кулууптарга дьон сылдьыбат буолбута быданнаата. Кыттааччылар бэйэлэрэ ыллаан-туойан баран дьиэлииллэрэ баар суол.

Ороһооспо күн  Томторго үлэһит уонна устудьуон ыччат кэнсиэрдииллэрин истэн, үгүс төрөппүт, аймах-билэ дьон, тугу барытын быраҕан туран, оҕолорун айар киэһэлэрин үөрүүлэрин үллэстээри эрдэттэн бэлэмнэнэ сылдьыбыттара. Томтортон тэйиччи Куйдуһуҥҥа олорор дьон кулууп үлэһиттэриттэн көрдөһөн, анаан миэстэ уурдарбыттара. Устудьуон оҕолор  барахсаттар  төрөппүттэрин үөрдээри эмиэ миэстэлэрин эрдэттэн сурунан бэлиэтээбиттэрэ. Бу маннык көстүү сэбиэскэй кэм саҕана баар буолар этэ. Өйдүүр инигит, доҕоттор. Индийскэй киинэлэргэ тиийэ миэстэ ууруута буолар этэ. Онно ким да туох да айдааны тардыбат этэ.  Миэстэни эрдэттэн ууруу түгэнэ, арааһа, уустук кэмҥэ олорорбут быһыытынан буолуо,  кыраттан да олох атыннык иэҕэн таҕыста. Социальнай ситимнэргэ «кэнсиэри тэрийээччилэр уонна кулууп үлэһиттэрэ бэйэлэрин аймахтарыгар үчүгэй миэстэлэри уурбуттар» диэн олох да атыннык күүркэтэн суруйдулар. Биллэн турар, бу сиэрэ суох быһыы Томтор олохтоохторун олуһун  хомотто. Миэстэ тиийбэтэҕин бигэргэтэн, «элбэх дьон атаҕар туран көрө турар» диэн эбии хаартыскалаабыттара буоллар,  киһи өссө өйдүө да этэ. Суох буоллаҕа, кэнсиэргэ кэлбит дьон бары миэстэ булан олорбуттар. Элбэх киһи кэлэрин билэн буолан, кулууп үлэһиттэрэ кэнсиэр иннинэ олоппосторунан сааланы толорбуттар.

Бэлиэтээн эттэххэ, Томтор нэһилиэгин олохтоохторо социальнай ситимнэргэ бу иккис маннык хомолтолоох балыырга түбэһиилэрэ буолар. 2023 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөн улууһугар хайдахтаах курдук уостан түспэт номоххо сылдьардыы тэриллибитэй! Ол эрээри барыта эриэ-дэхси буолбатаҕа эбээт. Томтор олохтоохторо нэһилиэктэрин ыраастаары, араас субуотунньуктары тэрийэн саҕалаабыттара. Онно нэһилиэк биир олохтооҕо эргэ самныбыт дьиэлэр хаартыскаларын «Томтор олохтоохторо» бөлөх социальнай ситимигэр ыытан туран, «бу эргэ дьиэлэри субуотунньугунан көтүрэн ыраастаан кэбиһиэххэ» диэн этии киллэрэн, ыҥырыы таһаарбыта. Сарсыныгар «Томтор нэһилиэгэ ыһыахха туох да бэлэмэ суох, маннык эргэ дьиэлэрдээх сиргэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллаары турар…» диэн баһааҕырдар иһитиннэриилээх ол хаартыскалар куйаар ситимигэр тарҕаммыттара. Биллэн турар, бу суруйууну үгүстэр итэҕэйбиттэрэ. Биир дойдулаахтарым санааларын көтөҕөөрү, Саха араадьыйатыгар «бэйэ-бэйэни итинник түһэрэн, субуотунньуктаары сылдьар дьон этии киллэрбиттэрин тоҕо атыннык иэҕэн баһааҕырдаллара буолуой?» диэн анал биэрии таһаарбытым уонна нэдиэлэҕэ иккитэ Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар хайдах бэлэмнэнэллэрин кэпсиир буолбутум. Түгэнинэн туһанан, араадьыйа айар кэлэктиибэр өйөбүллэрин иһин истиҥ махталбын тиэрдэбин.

Бу кэнсиэр иннинээҕи миэстэни ууруу хаартыската эмиэ оннук хабааннаахтык тарҕанан, ыччаттар хаарыан Ороһооспотооҕу кэнсиэрдэрин куһаҕан тыынныы сатаатылар. Саамай кылаабынайа, кэнсиэргэ кыттыбыт үлэһит ыччатты, устудьуоннары сүрүн дьоруой оҥорбокко, атын кэтэх өттүнэн киртитии буолан таҕыста. Миэстэ ууруулаах хаартысканы омос көрөр киһи соһуйуон сөп курдук икки утарыта өрүттээх. Бастакыта – “тэрийээччилэр суобаһа суох аймахтарын маннык миэстэнэн хааччыйаллар эбит дуу?”. Иккиһэ — «тыый, билиҥҥи кэмҥэ кулууп кэнсиэригэр миэстэ маннык былдьаһык эбит дуу?» диэн. Инники бэлиэтээбитим курдук, кулуупка билигин миэстэни былдьаһыахтааҕар буолуох, бэлэм тэрээһини кэлэн көрөллөрө баҕалаах буолла. Үгүс кулууп үлэһитэ кулууп кэнсиэригэр миэстэ маннык былдьаһыгын көрөн ымсыырбыт буолуохтаах. Ол аата бу кулууп үлэтин бастыҥ көрдөрүүтүн бэлиэтэ буоллаҕа. Онон Томтор ыччаттара уонна устудьуоннара маннык былдьаһыктаах миэстэлээх кэнсиэри оҥорбуттарыгар хайҕаныах эрэ тустаахтар этэ. Сыччах биир этии «тэрийээччилэр бэйэлэрин аймахтарыгар миэстэ талан уурбуттар» диэн баһааҕырдыы хаарыан кэнсиэри атын ис хоһоонноон аатырта. Ол эрээри бу тэрээһиҥҥэ кэлбит кырдьаҕастар бары миэстэлэрин булан олорбуттар, биир да киһи туран көрбөтөх.

Биллэн турар, туран көрбүттэрэ буоллар, саҥата суох хаалбаттара чахчы буоллаҕа. Кэнсиэр кэнниттэн ыччаттарга, тэрийээччилэргэ, кулууп үлэһиттэригэр махтанааччы үгүс.

“Бу маннык былдьаһыктаах миэстэлээх кэнсиэри кимнээх тэрийдилэр?” диэн ыйытыы үөскүөн сөп. Томтор нэһилиэгин үлэһит ыччаттара, өрөспүүбүлүкэ араас үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэ сылдьар, барыта 40-тан тахса ыччат бэйэлэрин биир дойдулаахтарыгар Ороһооспотооҕу бэртээхэй кэнсиэри бэлэхтээтилэр. Томтордооҕу В.П. Кривошапкин аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолатын фольклорга уһуйааччыта Аэлита Аммосова, нэһилиэк көхтөөх ыччаттара, эдэр ыаллар Сахайаана, Уолан Ивановтар, Ньургустаана уонна Анатолий Мергеневтар, хореограф Диана Винокурова, ХИФУ үгүс суолталаах тэрээһиннэрин ыытар Тимур Егоров уонна кинини кытта кэнсиэри салайан ыыппыт  Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын нуучча тылын учуутала Светлана Заболоцкая сүүрэн-көтөн санааттан сүппэт умнуллубат айар киэһэни биир дойдулаахтарыгар, Томтор нэһилиэктэрин олохтоохторугар бэлэх ууннулар.  Томтордооҕу В.П. Кривошапкин аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолатын ырыаҕа учуутала, үгүс ыччаты ырыа эйгэтигэр уһуйан таһаарбыт, төрөппүт махталынан кынаттана сылдьар Оксана Суздалова, Култуура дьиэтин көстүүмҥэ эппиэттээх исписэлииһэ Гренада Винокурова, дорҕоону таҥааччы Александр Сивцев, айар үлэтинэн өрүү инники күөҥҥэ сылдьар Томтордооҕу Култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Евдокия Готовцева кэнсиэри дириҥ ис хоһооннуурга күүс-көмө өйөбүл буолан, ыччаттар махталларыгар тигистилэр. Ороһооспотооҕу кэнсиэргэ дьиэрэҥкэй, оһуохай, дэгэрэҥ өрө тутулунна. Норуоттары сомоҕолуур хакасскай, испанскай, эбээн, саха, нуучча үҥкүүлэрэ  көрөөччү уҕараабат дохсун ытыс тыаһын хомуйан ыллылар.

“Саала иһэ тохтообокко ытыс күргүөм тыаһынан ньиргийэн олордо. Кэнсиэри ыытааччылар көрөөччүнү, кыттааччылары кытта биир ситими олохтоон, өссө күүркэтэн тупсаран биэрдилэр. Кэнсиэри көрө кэлбит дьон бука бары маннык кэнсиэри көрбөтөхпүт быданнаабыт, бэркэ астынан тарҕастыбыт. Оҕолорбутугар истиҥ махтал буоллун!” диэн санааларын социальнай ситимнэргэ суруйдулар. Бу кэнсиэри үгүстэр “түмэр күүс”, “киһини сырдыкка, кэрэҕэ кынаттыыр” диэн сыана быстылар. Ыччаппыт маннык сыанабылы ылара — бастыҥ холобур!

… Дьэ, онон, доҕоттор, Томтор ыччаттарын кэнсиэригэр миэстэ суоҕун бигэргэтэр хаартысканы ыччаттарбыт олохпутун тупсаран, кэрэҕэ-сырдыкка угуйууларын бэлиэтин быһыытынан ылыныахха. «Бу  миэстэ былдьаһыктаах тэрийбит кэнсиэргит курдук, эһиги тугу оҥорбуккут барыта кэрэхсэбиллээх, дохсун ытыс таһыныылаах буоллун!» диэн  ыччатарбытыгар баҕа санаабытын анаан этэбит. Маннык уустук кэмҥэ бэйэ-бэйэни баһааҕырдыбакка, өрүү убаастаһа, өйөһө, ытыктаһа сылдьыахха!

What’s your Reaction?
+1
23
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Дыгын оонньуулара: Уус Алдан улууһугар чөмпүйүөн Куубага ыытыллыаҕа

Уус Алдан улууһа национальнай многоборьеҕа чөмпүйүөн Куубагын ыытарга бэлэмнэнэр. Күрэхтэһии Дыгын оонньууларыгар иккис сүүмэрдиир түһүмэҕэ…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сииттэлэр саҥа сылы сэргэхтик көрүстүлэр

Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев 2024 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕар олохтоохтор тоҕуоруһа муһуннулар.…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр

Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр. Ол туһунан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа

Бу сыл тохсунньу 11 күнүттэн «Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан 206 нүөмэрдээх маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа. Бу туһунан «Чурапчы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһин салҕанар

Хантараагынан  байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһиҥҥэ Биир кэлим кииннэр үлэлэрэ салҕанар. «Манна хандьытааттар психологтар уонна мэдиссиинэ үлэһиттэрин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Оҕолор бэрт туһалаах, сонун бырайыактары бэлэмнээбиттэр

Моркуоп угун үгүс дьон быраҕан кэбиһэбит. Оттон “Инникигэ хардыы” билим-быраактыка кэмпириэнсийэтин быйылгы кыттыылааҕа бу сиэниллиэн…

2 часа ago