Салгыы
Өймөкөөн улууһа үүнэр сылы эрэллээхтик көрсөр

Өймөкөөн улууһа үүнэр сылы эрэллээхтик көрсөр

29.12.2024, 16:40
Хаартыска: Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

2024 сыл устуоруйаҕа киирэрдии, аанын букатыннаахтык сабан” барара, аҕыйах күн хаалла.

Үүнэр саҥа сылы уонна Ороһуоспа бырааһынньыктарын көрсө түмүгү оҥоруунан муҥурдаммакка, сонун саҕалааһыны торумнаабытынан барабыт. Александр Оконешников Өймөкөөн улууһун баһылыгынан быйыл балаҕан ыйыгар талыллан үлэлээбитэ төрдүс ыйа буолла.

Олох кылгас кэм эрээри, саҥа баһылык салайар ньыматын дьоно-сэргэтэ ылынна диэххэ сөп. Ол бастакы төрүөтүнэн баһылыгынан талыллаат, Александр Савельевич биир дойдулаахтарын кытта ый аайы кэриэтэ көрсөн үгүстүк сүбэлэстэ.

Баһылык 1-кы солбуйааччытынан Алексей Федотов анаммыта. Алексей Васильевич Уус-Алдан улууһугар баһылыгынан үлэлээбит буолан, улахан уопуттаах салайааччы.

Быйыл улуус киинин баһылыгынан Виктория Понамарчук талыллан үлэлээбитэ эмиэ төрдүс ыйа. Виктория Николаевна Уус-Ньара баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбит уопуттаах.

Тоҕо мин салайааччылары билиһиннэрииттэн саҕалаатым диир буоллахха, бу үс салайааччы үлэлэрин бииргэ түмсэн саҕалаабыттара буолар.

Урукку сылларга улуус уонна Уус-Ньара салалталара тус-туспа хайысханан үлэлиир эбит буоллахтарына, быйылгыттан бииргэ үлэлээһин сүрүн соругунан буолла. Ол курдук, баһылык солбуйааччытын кытта улуус бөдөҥ тэрилтэлэрин салайааччыларын илдьэ сылдьан, сэтинньи саҥатыгар нэһилиэктэринэн, оробуочай бөһүөлэктэринэн  үлэни-хамнаһы, кыстыкка киирии бэлэмин билсибитэ. Ол кэнниттэн улуус уонна Уус-Ньара муниципальнай тэриллии баһылыктара киин куоракка миниистирдэри кытта тиийэн көрсүбүттэрэ.

Биллэн турар, биир тыынынан үлэлиир хамаанда үлэ бары хайысхатыгар биир сүбэнэн үлэлээтэҕинэ эрэ, араас кыаллыбат боппуруос оннуттан хамсыыра чахчы. Маныаха Муниципальнай Мунньах дьокутааттара, баһылыктар, оройуон тэрилтэлэрин салайааччылара бары түмсэн, сүбэлэһэн үлэлиир былааны торумнаабыттара – хайҕаллаах суол. Быйыл аан бастаан оройуон дьаһалтатын уонна “Уус-Ньара бөһүөлэгэ” МТ баһылыктара киин куоракка кэлэн, ситэриилээх былаас уорганнарыгар оройуон уонна улуус киинин социальнай сайдыытын боппуруостарын бииргэ быһаарсыыларын улуус олохтоохторо бэлиэтии көрөн, биһирии ылыннылар. Бу, биллэн турар, улуус уонна оройуон киинин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларытыгар биллэ дьайара чахчы.

Сэтинньи ортотугар улуус баһылыга Александр Оконешников байыаннай дьайыы буола турар сирдэригэр Өймөкөөн улууһуттан төрүттээх  ыччаттарга анаан гуманитарнай көмөнү илдьэ улуус бэрэстэбиитэллээх дэлэгээссийэтин — Уус-Ньараттан Муниципальнай Мунньах дьокутаата Владислав Житеневы, Сордоҥноох нэһилиэгин баһылыга Альберт Вензели уонна Өймөкөөн нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Павел Дьягилевы кытта  баран кэллилэр.

Улуус баһылыгын уонна кини хамаандатын үлэтин биир сүрүн хайысхатынан  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө буолар.

Быйыл Владивостокка ыытыллыбыт Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Ил Дархан Айсен Николаев Уус-Ньараҕа квартальнай хочуолунайы саҥардан тутууга Росгидроны кытта сөбүлэҥ түһэрсибитэ. Ол үлэни саҕалаары сэтинньи ортотугар “Теплоэнергосервис” АУо салайааччыта Максим Трофимов хочуолунайдар туруктарын кытта анаан бэйэтинэн билсэн барбыта.

Хаартыска -- Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата.

Александр Оконешников үлэлээбит түөрт ыйын устата кини иннинэ үлэлээбит баһылыктар саҕалаабыт дьыалаларын эстэпиэтэтин илиитигэр ылан, тиһэҕэр тиэрдэр соруктаах үлэлэстэ. Ол курдук, сайын-күһүн аайы уһун ардахтар кэннилэриттэн Агаякан  уонна Сунтаар үрэхтэрэ мас муосталары, турбалары сууйан, айан суолун харгыстыыллар. Ол түмүгэр Томтор эҥэр нэһилиэктэр олохтоохторо өрүү эрэйи көрөллөр. Онон улууска үлэлээбит үгүс баһылык туруорсууларынан, бу үрэхтэри туоруурга халаантан эмсэҕэлиир мас муосталары бетон муосталарга уларытыы кэм  ирдэбилинэн буолбута. Ахсынньы саҥатыгар улуус салайааччылара бу боппуруоһу салгыы быһаарсан, оннуттан хамсатан бардылар.

Улуус киинин Уус Ньара каптажнай галереята сэбиэскэй кэмтэн тутуллубут буолан, биллэ эргэрдэ. Сайын аайы уу кэлиитин эбэтэр уолуутун кэмигэр олохтоохтор иһэр уунан эрэйдэнэллэр. Бу боппуруоһу кинилэр араас таһымнаах салайааччыларга туруорсубуттара ыраатта. Баһылык Александр Оконешников бэлиэтээбитинэн, эбийиэк бырайыагын үлэтэ бүтэн, эппиэттээх эспиэрдэр түмүктэрин ааһыахтаах. Онтон инвестиция бырагырааматыгар киллэриллэн, тутуута саҕаланыаҕа.

Эһиил сэбиэскэй кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэтин кылаатын дьоһуннаахтык киллэрсибит “Өймөкөөн” сопхуос 65 сылын туолуохтаах. Үбүлүөйгэ туһуламмыт үгүс үлэ сопхуос киин уһаайбатыгар Томтор нэһилиэгэр барыаҕа. Быйыл онно бэлэмнэнэн, ахсынньы саҥатыгар улуус салайааччылара кыттыылаах уопсастыбаннас араас тэрээһиннэри тэрийдэ.

Эһиил кулун тутарга Томтор нэһилиэгэр “Тымныы полюһугар айан” кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ, сайын  саҥатыгар Өймөкөөн нэһилиэгэр Байаҕантай улуустарын ыһыаҕа курдук улахан тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Бу күннэргэ Муниципальнай Мунньах дьокутааттара, баһылыктар, тэрилтэлэр салайааччылара көрсөн, кэлэр сылга улууспут тирээн турар боппуруостарын быһаарар  тосхоллору торумнаатылар, былааннаатылар.

Уоттаах сэрии сылларыгар дойдубутун көмүскээбиттэртэн саҕалаан, билигин  байыаннай дьайыы зонатыгар ытык эбээһинэстэрин толоро сылдьар  уолаттарбытыгар тиийэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын көрсө бары көлүөнэ дьоруойдарыгар сүгүрүйүү ордук бэлиэ суолталааҕын өйдөөн туран, улуус баһылыга Александр Оконешников улууска Патриотизм – Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылын биллэрдэ.

Ити курдук, Тымныы полюһунан аатырар, Олоҥхо ыһыаҕын бэрт тэрээһиннээхтик ыытан, уос номоҕор сылдьар Өймөкөөн улууһа бүгүҥҥүтэ саргылаах, сарсыҥҥыта – кэскиллээх.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
1 января
  • -51°C
  • Ощущается: -51°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: