Салгыы
Өймөкөөн улууһугар баһылык отчуотугар көхтөөхтүк кытталлар

Өймөкөөн улууһугар баһылык отчуотугар көхтөөхтүк кытталлар

29.01.2025, 17:55
Хаартыска: Елена Столярчик тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников оройуон оробуочай бөһүөлэктэринэн уонна нэһилиэктэринэн сылдьан, ааспыт сыллааҕы үлэ отчуотун ыытар.

Баһылыгы кытта улуус дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ сылдьаллар, бэйэлэрин эйгэлэринэн дьон туруорсуутун болҕомтоҕо ылаллар. Улууска суолталаах тэрээһин хайдах баран иһэрин туһунан баһылык Александр Оконешников маннык билиһиннэрдэ:

Отчуоппутун Аартык бөһүөлэгиттэн саҕалаатыбыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ манна 300-чэкэ киһи олорор. Олохтоохтор хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү боппуруостарын интэриэһиргээтилэр.

Маны тэҥэ, сапыраапка ыстаансыйата, ОДьКХ боппуруостарын, турбалары, ититии тиһигин саҥардыы, хочуолунайы эбии хочуолунан хааччыйыы, интэриниэт төлөбүрэ, туризм сайдыытын боппуруостарын быһаарыыга Аартыгы эмиэ киллэрэргэ туруорустулар.

Төрүт нэһилиэгин олохтоохтоохторо айан суолун көрүү-истии наадатын, “Билайн” төлөпүөнүн сибээһэ сотору-сотору сүтэрин бэлиэтээтилэр. Маны тэҥэ, култуура дьиэтигэр исписэлиис тиийбэтин, бэкээринэлэрэ суоҕун, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ анаан улуустааҕы сүрүннүүр исписэлиис наадатын туруорустулар.  Успуордунан дьарыктаныыга маат, хайыһар тиийбэтин бэлиэтээтилэр. Улуус таһымыгар спортивнай күрэхтэһиилэри чаастатык ыытарга эттилэр.  Төрүттэр экология боппуруостарын сытыытык туруорустулар. Көмүс хостуур тэрилтэлэр Элги өрүскэ көмүс сууйар ууларын ыыталларын тохтотор уолдьаспытын бэлиэтээтилэр. Бу нэһилиэккэ араадьыйаны сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри истэр буолан, Саха араадьыйата олох үлэлээбэтин туруорустулар. Почта үлэлээбэтэ эмиэ ахтылынна.

Үчүгэйгэ ыытыллыбыт отчуокка бөрө элбээбитин бэлиэтээтилэр. Онон бөртөлүөтүнэн кэтээн көрүү наадатын эттилэр. От кэмчи буолан, тиэйии хаһан саҕаланарын күүтэллэр. Фельдшер суох буолан, амбулатория үлэлээбэт. Тыа сирин боппуруостарын муниципалитекка биэриигэ туһааннаах боппуруостары биэрдилэр. 60 миэстэлээх саҥа оскуола үлэтин саҕалаатаҕына хочуолунайы кыайыа суоҕун бэлиэтээтилэр.

Биир дойдулаахтарбыт бары  туруорсууларын болҕомтоҕо ыллыбыт. Бүгүн-сарсын аны Сордоҥнооххо, Өймөкөөҥҥө уонна Томторго отчуоттуохпут.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: