Өймөкөөн улууһугар «Көмүс күрүө» Олоҥхо ыһыаҕар бэлэм

Өймөкөөн улууһугар «Көмүс күрүө» Олоҥхо ыһыаҕар бэлэм

23.06.2023, 22:06
Хаартыска -- Николай Обоюков
Бөлөххө киир:

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников тэрийэр кэмитиэт уочараттаах мунньаҕын ыытта.

Мунньахха «Саха» НКИХ Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын уонна сабыллыытын сиэрин-туомун, ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустары уонна күрэхтэһиилэри уһулан, быһа биэриигэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар көрдөрөрүгэр анаан  сибээс уонна интэриниэт лиинньийэлэрэ холбонон бэлэм буолбуттарын иһитиннэрдилэр.

Уопсайа 42 хайысхалаах саха төрүт култууратыгар аналлаах 10 куонкурус ыытыллыаҕа. Онно 11 кыайыылаах (Гран-при) олоҥхоһут, оһуохай этээччи, тимир ууһа, хомусчут, фольклор жанрдарын кыттыылаахтара, уус-уран оҥоһуктар маастардара уо.д. а. наҕараадаланыахтара. Маны таһынан, успуорт 8 көрүҥэр уонна ат сүүрдүүтүн үс дистанциятыгар 30 кэмпилиэк мэтээл оонньонуоҕа. Бириистэр — бүддьүөтү таһынан үбү тардыы уонна спонсордар көмөлөрө.

Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын дириэксийэтин салайааччыта Николай Обоюков бэлиэтээбитинэн, “Көмүс күрүө” этнографическай комплекс эбийиэктэрэ бэлэмнэр, сарсын анал хамыыһыйа кэлэн тутуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: