Бу сарсыарда улуус дьаһалтатыгар Өймөкөөн улууһугар ситэриилээх былаас отчуотун тэрээһин мунньаҕа буолла.
Сарсыарда оробуочай бөлөҕү кытта СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников мунньахтаата.
—— Өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрин, биэдэмистибэлэрин сүрүн болҕомтото быйыл Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар туһаайыллар. Онон быйылгы ситэриилээх былаас отчуотун улуус олохтоохторо кэтэһэн олороллор. Онон тэрээһин боппуруостара үгүс буолуоҕа. Мин Олоҥхо ыһыахтарын тэрийэр салайааччылартан биирдэстэрэ буоларым быһыытынан, Өймөкөөн улууһун олоҕун-дьаһаҕын анаан билсэ кэллим, — диэн бэлиэтээтэ Сергей Местников.
Күн иккис аҥаарыгар министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ Уус-Ньара олохтоохторун кытта биирдиилээн көрсүһүүлэрэ тэриллиэҕэ. Уус-Ньараттан байыаннай дьайыыга сылдьар эдэр дьон төрөппүттэрин кытта көрсүһүү буолуоҕа.
Бүгүн ситэриилээх былаас отчуота бастакынан улуус кииниттэн Уус-Ньараттан саҕаланыаҕа. Сарсын оробуочай дэлэгээссийэ икки бөлөххө арахсан, Аартыкка уонна Төрүккэ үлэлиэхтэрэ. Бастакы бөлөҕү СӨ Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, иккис бөлөҕү улуус куратора, Айылҕа харыстабылын уонна экология миниистирэ Евгений Перфильев салайаллар.
Саҥа сылбыт бу тиийэн кэллэ. Сорохтор “Саҥа дьылбыт” диэхтэрэ. Ол эрээри, тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр икки буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Нерюнгрига итирэн баран…
Сунтаар улууһугар куруутун үтүɵ дьыала ɵрɵ тутуллар. Бу күннэргэ Дьокуускай куораттан олус улахан харыйа бэлэх…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ полиция салаатын дьуһуурунай сааһыгар судаарыстыбаннай тэрилтэ үлэһитэ гардеробтан кууркатын уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит. Бу…
Тымныы Оҕонньор Арассыыйа оҕолоро Саҥа дьылынан туох бэлэҕи ыллахтарына үөрэллэрин туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан ТАСС…
Бэҕэһээ, ахсынньы 25 күнүгэр, киэһэ Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгин таһыгар түөрт киһи өлүүлээх суол саахала…