Өймөкөөн улууһугар Томтор орто оскуолатын выпускниктара 50 сыллаах үбүлүөйдэригэр көрүстүлэр
Хас биирдии киһи олоҕор ойор-тэбэр күннээх дьоллоох оҕо сааһын оскуолаҕа үөрэммит сылларын кэрэ кэмнэрэ хаһан да умнуллубат, өйтөн-санааттан, сүрэхтэн-дууһаттан сүппэт чаҕылхай, үтүө өйдөбүл буолаллар.
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр ураты сылаас тыыннаах, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолла. Ол курдук, Томтор орто оскуолатын 1974 сыллааҕы выпускниктара бу үөрэх кыһатын бүтэрбиттэрэ 50 сыллаах үбүлүөйдэригэр долгуйа, үөрэ-көтө муһуннулар. Дьокуускай куораттан, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Муома улуустарыттан, чугастыы Томтор, Төрүт ,Өймөкөөн, Үчүгэй, Сордоҥноох нэһилиэктэриттэн кэлбит кылааһынньыктар көрсөн, оҕо саастарын ахтан ыллылар, кыл түгэнигэр ыччат саастарыгар төнүннүлэр.
Долгутуулаах тэрээһин туһунан «Саха сирэ» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Тамара Винокурова маннык иһитиннэрдэ:
— Бастакы күҥҥэ саха саҥалаах бары сөбүлээн истэр «Тэтим» араадьыйабыт долгунугар үбүлүөйдээхтэргэ эйэҕэс эҕэрдэ көтөн кэллэ. Кинилэргэ анаан Владимир Татаринов «Умнуллубат онус кылаас» диэн үгүс сыллар устата уостан түспэт ырыата эҕэрдэ бэлэх буолан дьиэрэйдэ. Саха суруйааччыта, биир дойдулаахпыт Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатын сүгэр түмэл балаҕанын көмүлүөгүн киэн туттар биир дойдулаахпыт, аатырбыт атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкын сыдьаана Александр Кривошапкин өбүгэбит үгэһин, сахалыы сиэри-туому тутуһан туран күндүлээтэ, мустубут дьону алҕаата.
Выпускниктар балаҕан тэлгэһэтигэр анаан-минээн аҕалбыт тирэх талахтары уонна черемуханы олортулар. Онтон бука бары сахалыы таҥнан-симэнэн, «Томторская средняя школа. Золотой выпуск. 1974-2024 гг.» диэн кыһыл көмүс буукубаларынан суруллубут лиэнтэлэрин түөстэригэр киэн тутта иилинэн, сэлэлии хааман оскуолаҕа тиийдилэр. Оскуола иннигэр «Выпуск-74» диэн суруктаах-бичиктээх, кэрэ көстүүлээх ыскамыайканы үөрэх кыһатын дьаһалтатыгар, түмэлгэ «Школьные годы. Выпускники 1974 года. С юбилеем! 50 лет» диэн суруктаах, элбэх хаартыскалардаах альбому, түөскэ иилинэр лиэнтэни эбии бэлэх гынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы буолла. Оскуола дириэктэрэ Алена Егорова, РФ үтүөлээх учуутала, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах гражданина, кыраайы үөрэтээччи Мария Боярова эҕэрдэ, махтал тылларын эттилэр. Кинилэр «бу үбүлүөйдээх тэрээһин атын выпусктарга үтүө холобурунан буолуоҕа» диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
«Экскурсия кэнниттэн самаан сайыммыт саамай оройо аар айылҕабыт барахсан ситэн-хотон, киэргэйэн, муҥутаан тупсан турар кэрэ кэмигэр ытык сирбитигэр Эбэ Хайаҕа, Чысхаан муус саарыстыбатыгар ыалдьыттаатыбыт.
Барытын сөҕө-махтайа, астына-дуоһуйа, сэҥээрэ-биһирии көрдүбүт, иһиттибит. Тэрээһиммит барыта баҕабыт хоту табыллан, санаабыппыт сатаммытыгар, биир да киһи кэлэ-бара суолга-иискэ хаайтарбакка, айаммытыгар аар айылҕабыт, күн-дьыл үчүгэйдик туран биэрэн, бэйэтинэн биһигини алҕаата, арчылаата дии санаатыбыт», — диэн үбүлүөйдээх выпускниктар үөрэ-көтө санааларын үллэһиннилэр. Мин оскуола көмүс выпускнига Надежда Сивцеваны-Слепцованы кытта кэпсэтиибэр сэһэргэһээччим бу курдук санаатын тиэртэ:
— Мин Муома улууһун Улахан Чыыстайыттан айаннаан кэллим. Бары үлэ бэтэрээннэрэ буолбут дьон 50 сыллааҕыбыт курдук «Саша, Витя, Рая, Надя…» диэн ыҥырсарбыт күндүтэ сүрдээх. Мин Томтор орто оскуолатын 1974 сыллаахха ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. СГУ физическай факультетын 1982 сыллаахха бүтэрэн баран, Муома улууһугар ананан үлэлии барбытым. 35 сыл устата физика, математика, география учууталынан үлэлээтим. Ыал буолан, 3 оҕолонон, 4 сиэннэнэн Чыыстайы иккис дойду оҥостон олохсуйдум. Быйыл кыһыҥҥыттан ыла бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрим «50 сыллаах үбүлүөйбүтүн ылыахха» диэн сүбэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан уонна Өймөкөөн нэһилиэктэрин аахтахха, 9 араас сиртэн 19 киһи буолан муһуннубут. Кылгас да кэмҥэ буоллар көрсөн, уруккуну-хойуккуну санаһан, ыллаан-туойан, алтыһан ааспыппытыттан олус дьоллоннум.
«50 сыл» диэн эттэххэ дөбөҥ курдук да, бу кэм киһи олоҕун устата диэххэ сөп. Сорох оҕолорбут барахсаттар бу күүтүүлээх үтүө кэмҥэ тиийбэтилэр. Ол да буоллар, кинилэри сылаас тылынан ахтан-санаан, курутуйан да ыллыбыт. Доҕотторбут сырдык мөссүөннэрин бу баардыы өйдүүбүт. Үөрэппит учууталларбытын истиҥ-иһирэх тылынан аҕынныбыт. Кинилэр биһиэхэ олус да чиҥ, дириҥ билиини биэрбиттэр эбит. Хомойуох иһин, үксүлэрэ билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Үбүлүөйбүт кэмигэр көрсүбүт учууталбыт М.П. Боярова биһигини бэйэбитин кытта тэҥ саастаах курдук көстөн соһутта, үөртэ даҕаны.
«Кыраһыабайдык кырдьыы» диэн итини этэн эрдэхтэрэ диэн санааҕа кэллибит.Дириҥник ытыктыыр учууталбытыгар Мария Поликарповнаҕа, бииргэ үөрэммит оҕолорбор кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын.
Ити курдук, Томтор орто оскуолатын 50 сыллааҕыта бүтэрбит выпускниктар оскуолатааҕы сылларын төнүннэрэн, үөрэммит кыһаларыгар бэлэх бастыҥын бэлэхтээн, бэйэлэрэ астынан, учууталларын олуһун үөрдэн тарҕастылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: