Бу күннэргэ хас да хонугу быһа түспүт уһун ардахтар “Өймөкөөн” өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолун Тирэх Үрэх учаастагын суолун сууйан, айан-сырыы эмиэ харгыстанна.
Өймөкөөн улууһун баһылыгын э.т. Саргылаана Можукова Өймөкөөн улууһун сиригэр-уотугар ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна куттал суох буолуутун хааччыйар инниттэн “Үрдүк таһымнаах бэлэм” эрэсиимин олохтуур туһунан дьаһалы таһаарда. Бу докумуон улуустааҕы “Северная заря” хаһыат телеграм-ханаалыгар бэчээттэннэ. Үөскээбит кыһалҕаны быһаарарга, уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо өйөбүл оҥорорго оройуон дьаһалтатын салалтата бары боппуруостары кэмигэр быһаарса олорор.
“Сарсын, алтынньы 16 күнүгэр, СӨ быыһыыр сулууспатын МИ-8 бөртөлүөтэ Күбүмэ учаастагыттан дьону Томтор нэһилиэгэр тиэрдэрэ былааннанар. Бүгүн күнүс оройуон дьаһалтатын суоппара Ефрем Любимов Күбүмэҕэ хаайтаран олорор 50 киһиэхэ суоттаммыт бастакы наадалаах ас-үөл бородууктатын (иһэр уу, килиэп, чэй, эт кэнсиэрбэтэ, саахар, арыы), гигиеническэй тэриллэри уонна сылаас таҥаһы тиэрдиэҕэ. Хаайтара олорор айанньыттар ортолоругар аҕам саастаах дьон, кыра оҕолор бааллар. Үөскээбит балаһыанньаны улуус дьаһалтатын салалтата хонтуруолга тутар”, — диэн баһылык э.т. Саргылаана Можукова улуус пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдэ.
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…