Өймөкөөн улууһун баһылыга устудьуоннары кытта көрүстэ

Share

Ааспыт нэдиэлэҕэ улуус баһылыга Александр Оконешников Дьокуускайга командировкаҕа сылдьар кэмигэр Өймөкөөн улууһуттан төрүттээх устудьуоннары кытта көрүстэ.

Ыччаттар баһылыгы кытта көрсүһүүлэрэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет үөрэтэр-лабораторнай куорпуһун дьиэтигэр Устудьуоннары көҕүлээһин киинигэр буолла. Бу улахан официальнай саалаҕа устудьуоннар былаас уорганнарын салайааччыларын, дойду таһымнаах суолталаах ыалдьыттары кытта эрэ көрсөллөр. Ол иһин мин бастаан утаа көрсүһүү бу саалаҕа ыытылларын соһуйа уонна үөрэ истибитим. Тэрээһин манна ыытыллыбыта мээнэҕэ буолбатах эбит. Бу сааланы билигин университет устудьуоннарын сайыннарыыга управление салайааччыта, Сордоҥноох нэһилиэгиттэн төрүттээх Степан Слепцов кэпсэппит. Кини устудьуоннуур сылларыгар университет устудьуоннарын уопсай дьиэлэрин профкомнарын салайан үлэлэппит. Онон өймөкөөннөр салайар үлэҕэ улахан уопуттаах уоллаах эбиттэр.  Степан Слепцов устудьуон олоҕун кытта билиһиннэрдэ. Кини ыччаттарга туһаайан: “Эһиги бастакы куурустан мин төрөөбүт Өймөкөөнүм сайдарын туһугар үөрэнэбин, ол иһин манна сайдан, кыаҕыран баран, дойдубун сайыннарарга бары күүспүн, кыахпын ууруом” диэн санаалаах үөрэниэххитин, бары тэрээһиннэргэ кыттан иһиэххитин наада”, — диэн ыччаттар бастакы күннэриттэн устудьуон көхтөөх олоҕор кыттыһалларыгар сүбэлээтэ.

Бүгүн эһиги иннигитигэр сайдыы саҥа  саҕаҕа арыллар, сонун бырайыактар тахсан иһиэхтэрэ. Онон эһиэхэ, төрөөбүт Өймөкөөммүт кэскилин оҥоруохтаах, айыахтаах, тутуохтаах ыччакка, эрэлбит улахан. Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн эдэр исписэлиистэргэ үлэлэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ, олохторун хаачыстыбатын тупсарарга бары болҕомтону ууруохпут. Билигин улууспутугар араас хайысхалаах идэлээх бэйэбит ыччаттарбыт үлэлии сылдьаллар. Онон эһигини эмиэ үөрэххитин бүтэрэн, туһалаах исписэлиис буолан дойдугутугар төннөргүтүгэр ыҥырабын. Бу бастакы көрсүһүүбүт. Маннык кэпсэтии үгүс буолуоҕа. Билигин эһиги лиидэргитин, актыыпкытын талыаххытын наада, оччоҕо бииргэ үлэлээһин былаанын аттарыахпыт. Эһигини, оҕолор, устудьуон чаҕылхай олоҕо күүтэр. Туохха барытыгар сыаллаах-соруктаах буоларгытын баҕарабын: үөрэххэ, уопсастыбаннай олоххо, спортка. Чөл олоҕу тутуһуҥ, доруобуйаҕытын харыстааҥ. Устудьуон олоҕо хас биирдии күнэ эһиги олоххутун сонун тыыннаатын, саҥа ситиһиилэргэ сирдээтин”, — диэн баһылык Александр Оконешников устудьуон ыччаттары кытта көрсүһүүтүн түмүктээтэ.

Мин биир бэйэм кэтээн көрүүбүнэн, быйыл олус көхтөөх устудьуон ыччат элбээбит. Оҕолор тус санааларын толлубакка сайа этэллэр. Улуус баһылыгар кэккэ баҕа санааларын тиэртилэр.

Улууспут саҥа талыллыбыт баһылыга устудьуоннары кытта бириэмэ булан көрсүбүтүгэр истиҥник махтанабыт. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, бэрт элбэх маҥнайгы куурус устудьуона кэлбит.  Онон бастакы күннэриттэн сэргэх дьон кэлбиттэрин көрөн үөрдүбүт. Улуус баһылыга барыбытын “уһугуннарда” диэххэ сөп. Кинини кытта көрсөн баран, актыып курдук тэринэн, араас нэһилиэк оҕолоро тута кафеҕа олорон санаабытын атастаспыппыт, кэпсэппиппит. Онно Өймөкөөн устудьуоннарын ким салайыан сөбүн ырыппыппыт. Сотору кэминэн эмиэ көрсөн, ол киһибитин салайааччынан бигэргэтиэхпит. Улууспут баһылыга устудьуон ыччаттан бастакы үлэтин саҕалаабытын курдук, өрүү биһигини кытта сибээстэһэ, көрө-истэ сылдьара буоллар диэн баҕалаахпыт», — диэн бэлиэтээтэ М.К. Аммосов аатынан ХИФУ историческай факультетын 2-с кууруһун устудьуона, Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх  Диана Беляева.

… Ити курдук, саҥа талыллыбыт улуус баһылыга Александр Оконешников Дьокуускай куоракка бастакы көрсүһүүнү устудьуон ыччаттан саҕалаабыта – сонун көстүү. Олоҕу хамсатааччы ыччат буоллаҕа. Онон Өймөкөөнтөн төрүттээх  бастакы куурус устудьуоннара уопсастыбаннай үлэҕэ олуктарын  эмиэ түбүктээх үлэтигэр саҥа хардыыны оҥорон эрэр  салайааччыны Александр Оконешниковы кытта бииргэ саҕалаатылар. Бу үтүө дьыала салгыы сайдан, дириҥ  ис хоһоонноох буоллун!

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

15 минут ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

16 минут ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

18 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

23 минуты ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

43 минуты ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

1 час ago