Өймөкөөн улууһун киин балыыһатыгар быраас элбээтэ
Улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ираида Харлампьева төрөөбүт улууһун киин балыыһатыгар үлэлии кэлиэҕиттэн «Доруобуйа» Национальнай бырайыак чэрчитинэн каадырдары кытта үлэҕэ күүскэ ылсыбыта.
— Кэлиҥҥи сылларга социальнай ситимнэринэн тахсан, улуус олоҕун-дьаһаҕын, кэрэ айылҕатын билиһиннэрэн туран, улуус балыыһатыгар ханнык идэлээх быраастар наадаларын ыйабыт. Сорох үлэ көрдүүр быраастарга тус бэйэлэригэр эрийэн, суруйан кэпсэтэбит. Ол түмүгэр улууска быйыл тоҕус бырааһы үлэҕэ ыҥырдыбыт. Ол курдук, улуус балыыһатыгар анестезиолог, хирург, невролог, терапевт-кардиолог, психиатр-нарколог, дерматовенеролог, икки стоматолог быраастанныбыт. Төрүт нэһилиэгин учаастактааҕы амбулаториятыгар үлэлиир биэссэрдэннибит. Түгэнинэн туһанан, Төрүт нэһилиэгин олохтоохторугар, депутаттарга туруорсан, саҥа кэлбит бырааһы дьиэнэн хааччыйбыттарыгар барҕа махталбын тиэрдэбин, — диэн кылаабынай быраас Ираида Харлампьева этэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Уус Ньаратааҕы оройуон балыыһата улуус 5 нэһилиэгин, 2 оробуочай бөһүөлэги медицинэ өҥөтүнөн хааччыйар. Балыыһа симиэнэҕэ 295 киһи сылдьар улахан поликлиникалаах. Күҥҥэ 20 киһи сылдьар стоматологиялаах. 80 куойка-миэстэлээх стационардаах. Онтон 30 куойка-миэстэ — терапевтическай отделение, 21 куойка-миэстэ — хирургическай отделение, 15 куойка-миэстэ — педиатрия, 4 куойка-миэстэ — инфекционнай отделение.
Кылаабынай быраас Ираида Харлампьева иһитинҥэрбитинэн, бу күннэргэ Томтордооҕу врачебнай амбулатория тутуута түмүктэнэн эрэр.
«Истиҥ махталбын тиэрдиэм этэ муниципалитет баһылыгар Иннокентий Сивцевкэ. Амбулатория Томтор олохтоохторун таһынан, өссө үс чугастааҕы нэһилиэктэри хааччыйар. Онон саҥа тутулла турар эбийиэккэ эбии тутуу наадатын эппиппэр, Иннокентий Семенович, балаһыанньаны өйдөөн Ил Дархаҥна туруорсубута. Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Айсен Николаев СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр эбийиэккэ эбии тутууну үбүлүүрүгэр этэн, тутулла турар эбийиэк кэҥиэҕэ», — диэн улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ираида Харлампьева санаатын үллэһиннэ.
Улуус киин балыыһатын быраастара саас-күһүн олохтоох нэһилиэнньэни былаан быһыытынан кэмиттэн кэмигэр көрөн-истэн кэлэллэр. Ол курдук, бу күннэргэ эмчиттэр бөлөхтөрө Аартыкка баран кэллилэр. Алтынньы бүтэһигэр быраастар бөлөхтөрө аны Төрүккэ тиийэн, дьон доруобуйатын бэрэбиэркэлиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: