Өймөкөөн улууһун киин балыыһатын материальнай-техническэй базата биллэ тубуста

Share

Өймөкөөн улууһугар “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак өйөбүлүнэн улуустааҕы балыыһа материальнай-техническэй базата саҥардыллан, анал тиэхиньикэ ахсаана   кэҥээн иһэр.

“Бастакы медицинскэй көмөнү саҥардыы” федеральнай бырайыак көмөтүнэн улуустааҕы киин балыыһа автопааркатыгар кэккэ саҥа массыына кэллэ. Бу Тымныы полюһун олохтоохторугар бастакы медицинскэй көмөнөн хааччыйыыны тупсарыыга биир суолталаах олугунан буолар.

Улуустааҕы киин балыыһа 2022 сылтан ыла 6 суһал көмө массыынанан (ол иһигэр 2  В” кылаастаах  реанимобиль) хааччылынна. Нэһилиэнньэлээх пууннар уонна оройуон киинин икки ардыгар 500 км  арыттаах буолан, Өймөкөөн олохтоохторун  киин балыыһатын анал көлөнөн хааччыйыы тыын суолталаах.

Маны таһынан, 2022 сылга улуу с киин балыыһатын СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ «Маммо-4МТ-плюс» рентген-маммограф, көһө сылдьар ФЛГ-аппарат уонна уопсай хайысхалаах флюороскопическай рентген систиэмэтин (мобильнай, цифровой) курдук аныгы медицинскэй тэриллэринэн хаачыйбыта. 2024 сыллаахха, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа” национальнай бырайыагын бастакы медицинскэй көмөнү оҥорууну сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн, министиэристибэ улуус киин балыыһатын “ПАРУС” диэн көһө сылдьар рентген-аппараатынан эмиэ хааччыйбыта. Ол аппарааты хирургическай отделениеҕа палаататтан палаатаҕа көһөрөн, кыайан хамсыыр кыаҕа дьону оронноруттан хамсапакка доруобуйаларын туругун  чинчийиэххэ сөп.

 “Доруобуйа” нациоанальнай бырайыагын чэрчитинэн оройуоннааҕы балыыһаҕа хатпытаалынай өрөмүөн ыытыллар. 2022 сылллаахха поликлиниканы саҥардыбыппыт. Маны таһынан, быраастар үлэлиир кэбиниэттэрэ балыыһа салалтата анал көрбүт үбүнэн саҥа миэбэлинэн хааччыллыбыттара.  Ити курдук, эмчиттэргэ, бары исписэлиистэргэ үлэлииллэригэр табыгастаах усулуобуйаны сөптөөхтүк тэрийэбит, — диэн бэлиэтиир улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ираида Харлампьева.

Хаартыска -- Ираида Харлампьева тиксэриитэ.

«Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн, СӨ бырабыыталыстыбата уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ улуус киин балыыһатын материальнай-техническэй баазатын бөҕөргүүтүүгэ үгүс өрүттээх үлэни салгыы ыыталлар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

6 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

6 часов ago