Хаартыска уонна видео: Никифор Протопопов
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии бары хайысханан бара турар.
Былырыын сэтинньи саҥатыгар улуус баһылыга Иннокентий Сивцев, баһылык Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ эппиэттээх бэрэстэбиитэлэ Никифор Протопопов уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Руслан Атласов нэһилиэктэринэн сылдьан, Олоҥхо ыһыаҕар аһынан-үөлүнэн кыттыһыы боппуруоһун дьүүллэспиттэрэ.
Бу күннэргэ улуус нэһилиэктэриттэн кыһыҥҥы суол сабыллыан, сааскы салгын түһэн, ириэрии саҕаланыан иннинэ эт-ас хомуллан, Томторго кэллэ.
Улуус баһылыгын Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ эппиэттээх бэрэстэбиитэлэ Никифор Протопопов бу курдук иһитиннэрдэ:
— Улуус нэһилиэктэрэ аһы-үөлү хомуйууга бэрт эппиэтинэстээхтик сыһыаннастылар. Быһа холуйан, 2,5 т эт-ас хомулунна. Өссө да күн аайы ыыта тураллар.
Бэҕэһээ Үчүгэйтэн икки улахан сылгы этэ (биэ) кэлбитэ. Эбии 8 таба этэ кэлиэхтээх. Биэлэр истэрин, быардарын тоҥорорго уктубут.
Сордоҥноох, Томтор, Үчүгэй, Төрүт олохтоохторуттан кууллаах эт арааһа кэллэ. Ол иһигэр кус этигэр тиийэ баар.
Сир аһын арааһыттан эмиэ ыыппыттар. Аны ыам ыйыгар сибиэһэй балык, кус кэлиэҕэ. Бу аспытын барытын сайын Олоҥхо ыһыаҕар ыалдьыттарбытын аһатыыга туттуохпут.
Эппитин эрбэтэргэ, тымныы умуһахха угарга нэһилиэк тэрилтэлэрин эр дьоно кэлэн субуотунньуктууллар.
Уолаттар түргэнник-тарҕаннык туттар буолан, барыта кэмигэр бүтэн-оһон иһэр.
… Ити курдук, Өймөкөөн улууһа аатырбыт убаһатын этинэн, куһунан ыалдьыттары көрсөргө бэлэм. Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын Тымныы полюһун олохтоохторо үрдүк таһымнаахтык ыытарга турунан бэлэмнэнэллэр.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …