Өймөкөөн улууһун салалтата үлэтин биир сүбэнэн саҕалаата
Бу күннэргэ Дьокуускайга Өймөкөөн улууһун салалтата министэристибэлэр уонна бөдөҥ биэдэмистибэлэр салайааччыларын кытта көрсөн, улуус уонна оройуон киинэ Уус-Ньара социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар сыһыаннаах үгүс боппуруоһу быһаарыстылар.
Быйыл улуус устуоруйатыгар аан бастаан оройуон дьаһалтатын баһылыга Александр Оконешников уонна оройуон киинин «Уус-Ньара бөһүөлэгэ» МТ баһылыга Виктория Понамарчук бары үрдүкү инстанцияларга социальнай сайдыыга туһаайыллыбыт боппуруостары биир сүбэнэн холбоһон быһаарыстылар.
— Сэтинньигэ улуус нэһилиэктэринэн, рабочай бөһүөлэктэринн сылдьан, олохтоохтору кытта көрсөн, кинилэр санааларын, этиилэрин истэн, анал боротокуолга сүрүн боппуруостары киллэрбиппит. Ол сүнньүнэн миниистирдэри, бөдөҥ биэдэмистибэлэр салайааччыларын кытта сирэй көрсөн, быһаарыыны эрэйэр боппуруостарга үлэлэстибит. Ол курдук, тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцеви кытта тыа сирин улуустарын суолларын, Сунтаар уонна Агайакаан үрэхтэри туоруур тимир муосталары тутуу бырайыактарын оҥорууга, Уус-Ньара уулуссаларын аспааллааһыны кэпсэттибит.
ОДьКХ миниистирэ Вячеслав Емельяновтыын Уус-Ньаратааҕы «Квартальнай» хочуолунайы саҥардан тутууну дьүүллэстибит.
Култуура миниистирэ Афанасий Ноевы кытта улуус киинигэр «Металлург» Култуура дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөнү ыытыыны сүбэлэстибит.
Арктика сайдыытын уонна хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэтин миниистирэ Владимир Черноградскайы кытта тыйыс усулуобуйаҕа, кыһын -60 кыраадыстан түспэт Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһун Арктика улуустарын зонатыгар киллэрэр туһунан боппуруоһу ырыттыбыт.
Урбаан миниистирэ Тимур Хандыны, кини солбуйааччыта Мария Карпованы кытта быйыл Томторго ыытыллыахтаах «Өймөкөөн — Тымныы полюһа» үгэс буолбут кыһыҥҥы туризм бэстибээлин ыытыы, аан дойдуга тымныытынан аатырбыт Өймөкөөнү сырдатыы, Тымныы хаһаайына Чысхаан курдук бренд буолбут туризм хайысхаларын салгыы сайыннарыы, сонун сүүрээннэри тобулуу туһунан сүбэлэстибит.
Онон ааспыт нэдиэлэ Өймөкөөн улууһун салайааччылара үгүс министиэристибэҕэ уонна биэдимистибэҕэ биир хамаанданан сылдьан, бэрт үгүһү ситистибит, биир дойдулаахтарбытын кытта Ил Түмэҥҥэ көрсөн айанньыт Дугуйдан Винокуров туһунан Розалия Кондакова кинигэтин сүрэхтээтибит. Аны бу этиллибити барытын түмэн, докумуоннаан, ылсыбыт дьыалабытыгар салгыы үлэлэһиэхпит, — диэн санаатын үллэһиннэ баһылык Александр Оконешников.
… Урукку сылларга, ханна буоларын курдук, улуустааҕы дьаһалта уонна оройуон киинин муниципалитета, дьокутааттар сэбиэттэрэ тус-туспа хайысханан, тус-туспа бырайыактары тобулан үлэлии олорбут буоллахтарына, аны мантан инньэ Өймөкөөн улууһун уонна Уус-Ньара бөһүөлэгин салалталара бары дьыалаҕа биир сүбэнэн ылсыахтара, уустук боппуруостары кэлимник быһаарыахтара, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, өйдөһөн үлэлиэхтэрэ. Онон ахсынньы ыйга «киин куоракка сырыы кэмигэр үгүс тирээн турар боппуруос торумнанан, сааһыланан, кэлэр 2025 сылтан үлэ былааннаахтык, тэрээһиннээхтик, аһаҕастык ыытыллыаҕа» диэн бэлиэтээтэ улуус баһылыга Александр Оконешников.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: