Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн араас хайысхалаах үгүс үлэ барар.
Муус устар 17 күнүгэр улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьевы кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ улуустааҕы дьаһалта экэнэмииһэ Саргылаана Алексеева, култуура управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Мария Максимова, улуус уопсастыбаннаһыттан Өймөкөөн аатырбыт сылгыһыта, айанньыт Дугуйдан Винокуров, улуустааҕы биир дойдулаахтар түмсүүлэриттэн Евгения Винокурова кыттыыны ыллылар.
Өрүттэр Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр сыһыаннаах боппуруостары дьүүллэстилэр. Ол курдук, улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов куорат баһылыга Евгений Григорьевтан балааккалары, ыһыах кэмигэр быылы намыратары хааччыйар уу баһар массыынаны уларсарга көрдөстө. Маны тэҥэ, айаҥҥа дьону таһар оптуобустар боппуруостара көрүлүннэ.
Өймөкөөн улууһун уопсастыбаннаһа бу күннэргэ Дьокуускай куоракка экстремальнай усулуобуйаҕа саха атынан Өймөкөөн аатырбыт айанньыта Дугуйдан Винокуровы кытта көрсүһүүнү бэлэмниир былааннаах. Тэрээһин Олоҥхо ыһыаҕар туһуламмыт аахсыйалаах буолуоҕа. Куорат мээрэ Евгений Григорьевы кытта көрсүһүүгэ Өймөкөөн улууһун бэрэстэбиитэллэрэ өйөбүл көрдөөбүттэригэр, баһылык тута Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна ускуустуба киинин салалтатын кытта кэпсэтэн, ыам ыйын 18 күнүгэр култуура бөдөҥ уораҕайын саалатыгар суолталаах тэрээһин буолара былааҥҥа турда.
Аатырбыт айанньыт Дугуйдан Винокуров Дьокуускай куоракка Саха атын мусуойун тэрийэр былааннааҕын кэпсээн турар. Өймөкөөн улууһун бэрэстэбиитэллэрэ Өймөкөөн туризмы сайыннарыыга инники күөҥҥэ сылдьарынан сибээстээн, аан дойдуга Тымныы полюһунан аатырар бренди салгыы сайыннарар инниттэн Дьокуускай куорат таһыгар сир учаастагын тыырар боппуруоһу көтөхтүлэр. Бу икки бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээх төрүөттэр тустарынан истэн баран, куорат мээрэ Евгений Григорьев Өймөкөөн улууһун бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүтүн “туруорсуугутун сиһилии официальнай сурукка тиһиккэ тиһэн киллэриҥ, үөрэтиэхпит”, диэн түмүктээтэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…