Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө оҥоһуллар

Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар хоромньуну ааҕыы уонна чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ салҕаналлар диэн СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Халаан содулугар Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар 1387 киһи, ол иһигэр 503 оҕо, 204 кырдьаҕас киһи, 68 инбэлиит, 44 анал байыаннай дьайыы дьиэ кэргэнэ олорор — уопсайа 382 дьиэ тиэргэнин уу ылбыт. 127 олорор дьиэ алдьаммыт: Өймөкөөн улууһугар 113 уонна Абый улууһугар 14, олортон 5 олорор дьиэ букатын суох буолбут уонна 122 олорор дьиэ алдьаммыт.
Бу икки улууска Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтоммута. 2025 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи туругунан, сайыҥҥы халаантан тахсыбыт хоромньу: тырааныспар инфраструктуратыгар, ОДьКХ, доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, култуура, олорор дьиэлэр, ол иһигэр халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга баайы-дуолу сүтэрбиттэринэн сибээстээн биир кэмнээх матырыйаалынай көмө уонна харчынан көмө 249,09 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр.
Эмсэҕэлээбиттэртэн 2400 сайабылыанньа, ол иһигэр матырыйаалынай көмөҕө – 1751 сайабылыанньа, баайы-дуолу сүтэрбиттэринэн сибээстээн харчынан көмөҕө – 647 сайабылыанньа, доруобуйатыгар хоромньу ылбыт дьон биир кэмнээх төлөбүргэ – 1 сайабылыанньа киирбит.
1233 киһиэхэ өйөбүл харчыта 30340,0 тыһ. солкуобай суумалаах төлөбүр ыытыллыбыт (ол иһигэр биир кэмнээх матырыйаалынай көмө 959 киһиэхэ – 9590,0 тыһ. солкуобай, харчынан көмө – 274 киһиэхэ).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: