Хаартыска СӨ экологияҕа министиэристибэтиттэн
Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар хоромньуну ааҕыы уонна чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ салҕаналлар диэн СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Халаан содулугар Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар 1387 киһи, ол иһигэр 503 оҕо, 204 кырдьаҕас киһи, 68 инбэлиит, 44 анал байыаннай дьайыы дьиэ кэргэнэ олорор — уопсайа 382 дьиэ тиэргэнин уу ылбыт. 127 олорор дьиэ алдьаммыт: Өймөкөөн улууһугар 113 уонна Абый улууһугар 14, олортон 5 олорор дьиэ букатын суох буолбут уонна 122 олорор дьиэ алдьаммыт.
Бу икки улууска Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтоммута. 2025 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи туругунан, сайыҥҥы халаантан тахсыбыт хоромньу: тырааныспар инфраструктуратыгар, ОДьКХ, доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, култуура, олорор дьиэлэр, ол иһигэр халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга баайы-дуолу сүтэрбиттэринэн сибээстээн биир кэмнээх матырыйаалынай көмө уонна харчынан көмө 249,09 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр.
Эмсэҕэлээбиттэртэн 2400 сайабылыанньа, ол иһигэр матырыйаалынай көмөҕө – 1751 сайабылыанньа, баайы-дуолу сүтэрбиттэринэн сибээстээн харчынан көмөҕө – 647 сайабылыанньа, доруобуйатыгар хоромньу ылбыт дьон биир кэмнээх төлөбүргэ – 1 сайабылыанньа киирбит.
1233 киһиэхэ өйөбүл харчыта 30340,0 тыһ. солкуобай суумалаах төлөбүр ыытыллыбыт (ол иһигэр биир кэмнээх матырыйаалынай көмө 959 киһиэхэ – 9590,0 тыһ. солкуобай, харчынан көмө – 274 киһиэхэ).
РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Бастрыкин Дьокуускайга саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүүгэ олохтоохтор бырааптара кэһиллибитин туһунан…
Бу күннэргэ алдьатыылаах айылҕа иэдээниттэн -- от ыйынааҕы дохсун ардах халааныттан эмсэҕэлээбит Өймөкөөн улууһун олохтоохторун…
«Мин биисинэһим» киин «Көдьүүстээх уонна күрэстэһэр кыахтаах экэниэмикэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирэр «Элбэх оҕолоох…
Дьокуускай куораттааҕы силиэстийэлиир отдела итирик туруктаах сылдьан суол быраабылатын кэһэн, икки оҕо өлүүтүгэр тиэрдибит 36…
Киин куорат сөтүөлүүр сирэ сабыллыбытын туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтата иһитиннэрэр. Онон ууга түспүт дьону быыһыыр…
«Кыталык» судаарыстыбаннай эркээйи сиргэ орнитологтар кубалаах хаас дьикти сыһыаннаһыыларын туоһулара буоллулар. Мария Владимирцева уонна Айгуль…