Салгыы
Өймөкөөн Үчүгэйин табаһыттара өрөспүүбүлүкэҕэ кыһыл көмүс мэтээли аҕаллылар

Өймөкөөн Үчүгэйин табаһыттара өрөспүүбүлүкэҕэ кыһыл көмүс мэтээли аҕаллылар

10.10.2024, 15:30
Хаартыска -- Инна Яковлева тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгин табаһыттара идэлээх бырааһынньыктарын – Тыа хаһаайыстыбатын уонна переработкалыыр бырамыысаланнас үлэһиттэрин күнүн бэрт улахан ситиһиилээх көрсөллөр.

Бу күннэргэ “Үчүгэй” акционернай уопсастыба табаһыттара Москваҕа ыытылла турар «Көмүс күһүн-2024» Арассыыйатааҕы агропромышленнай быыстапка Кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаммытын туһунан үөрүүлээх сонун кэллэ.

ВДНХ-ҕа (Москва к.) эбээн боруода табатын “Үчүгэй” АУо  табаны үөрдээн иитиигэ исписэлииһэ Айсен Дьячковскай билиһиннэрдэ. Бу тэрилтэ улууска эбээн табатын боруодатын иитэр хаһаайыстыбанан буолар. Акционернай тэрилтэни удьуор табаһыт Павел Сивцев салайар.

Эбээн боруода табатын улууска Үчүгэй нэһилиэгин алта ыстаадатыгар иитэллэр. Манна саайааччыларынан удьуор табаһыт дьон үлэлииллэр. Онон көлүөнэни көлүөнэ солбуйан иһэр буолан, Громовтар, Баишевтар, Тарковтар, Неустроевтар, Соколовтар, Ашеиннар уо.д.а курдук ытыктанар ыаллар Өймөкөөн улууһун дорҕоонноохтук ааттаталлар. Эбээн боруода табатын үөрдээн иитиинэн дьарыктанар акционернай хаһаайыстыбаттан кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ хоту уонна киин улуустарыттан хото атыылаһар буоллулар. Бүгүҥҥү күҥҥэ “Үчүгэй” АУо-ҕа  23 табаһыт уонна 7 чуум үлэһитэ эбээн боруода табатын иитиигэ дьаныһан туран үлэлииллэр.

Улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын экэнэмииһэ Инна Яковлева иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ  улууска 10 790 төбө таба иитиллэн турар. Онтон аҥардас “Үчүгэй” АУо табаһыттарын ыстаададаларыгар 6 025 төбө эбээн боруода табата баар.

«Мола» көһө сылдьар родовой община (салайааччы Я.И. Тарков) быйылгы сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан 508 төбө табалаах; «Малтан» (салайааччы Н.Н. Громов) – 752 төбө; «Кугутян» (рук. В.Я. Кондаков) – 289 төбө; «Сунтаар» (салайааччы В.С. Баишев) – 444 төбө; «Гиркун» (салайааччы П.П. Неустроев) – 1366  төбө; «Модги» (сал. П.Е. Громов) – 426 төбө; «Осикат» — 139 төбө эбээн боруода табатын иитэн туруораллар, — диэн улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын экэнэмииһэ бэлиэтээтэ.

Өймөкөөн улууһун табаһыттара өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үгэстэри эрэллээх салҕааччыларынан буолаллар. Ол да иһин кинилэр бэйэлэрин тугунан да кэмнэммэт уопуттарын уонна сатабылларын аныгы көлүөнэ ыччаттарыгар тиэрдээччинэн  буолаллар. “Үчүгэй” АУо табаһыттарыгар кытаанах доруобуйаны, саҥа ситиһиилэри, дьолу баҕарабын. Москваҕа ВДНХ-ҕа бэлиэтэммиккит курдук Кыайыы сырдык дьаралыга  салгыы эһигини кытта өрүү арыаллыы сырыттын!” – диэн Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников Үчүгэй табаһыттарыгар бэйэтин эҕэрдэтин уонна баҕа санаатын тиэртэ.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: