Салгыы
Өймөкөөн үс нэһилиэгэр олорор дьиэ тиэргэннэригэр уу киирдэ

Өймөкөөн үс нэһилиэгэр олорор дьиэ тиэргэннэригэр уу киирдэ

Ааптар:
12.07.2023, 15:16
Хаартыска: Саха сирин суолга управлениета.
Бөлөххө киир:

От ыйын 8-9 күннэригэр элбэх сөҥүү түһэн, Өймөкөөн улууһун үс нэһилиэгэр муниципальнай таһымнаах үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэрилиннэ.

Индигир өрүс үөһээ тардыытыгар суукка иһигэр уу таһыма  50-тан  70 см диэри үрдээтэ.

Сордоҥнооххо алта тиэргэн,  Томторго (Куйдуһун учаастага) 18 тиэргэн, Өймөкөөҥҥө  5 тиэргэн ууга барда.

Маны таһынан «Өймөкөөн»  өрөспүүбүлүкэтээҕи суол 156 км уу киирдэ. Онон Томтор уонна Сордоҥноох икки ардыгар айан-сырыы тохтоото.

Гидрометеорологтар сабаҕалааһыннарынан, чугастааҕы биир-икки сууккаҕа  уу таһыма салгыы үрдүөн сөп.

Билигин миэстэлэринэн суукканы эргиччи дьуһуурустуба олохтонно диэн суһал ыстаап иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 71% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: