Өймөкөөн Захаровтара Олоҥхо ыһыаҕар — бэһис төгүлүн

Share

Тымныы Полюһунан аатырар Өймөкөөн олохтоохторо Ульяна уонна Филипп Захаровтар кэлиҥҥи сылларга Олоҥхо ыһыаҕар сыл аайы анаан бэлэмнэнэн кытталлар.

Улууска бу айар куттаах ыал кыттыбатах тэрээһиннэрэ диэн суох, кинилэрэ суох биир да суолталаах ыһыах барбатын кэриэтэ. Сыл аайы араас улуустарга ыытыллар Олоҥхо ыһыахтарыгар кыттыыларын туһунан  барытыгар талааннаах  эдэр ыал маанылаах ийэтэ Ульяна Захарова маннык кэпсээтэ:

2018 сыллаахха Алдан куоратыгар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар сылдьан баран, олус сөбүлээбиппит. Онтон ыла кэргэммин кытта биир да ыһыаҕы көтүппэппит. Филипп оһуохайга идэтийэн эрэрин бэлиэтиибин. Бэйэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун 1-кы Наахара нэһилиэгин Тиэлиги бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Кини мин Өймөкөөммүн сөбүлээн, манна олохсуйбуппут. Онон Тымныы полюһа иккис дойдутунан буолла. Биһиги Хабаровскайга  Уһук Илиҥҥэ СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин үбүлүөйдээх, Томпо Мэҥэ Алданын Байаҕантай улуустарын ыһыахтарыгар, онтон Үөһээ Бүлүүгэ, Аммаҕа, Өймөкөөҥҥө буолбут Олоҥхо ыһыахтарыгар сылдьан, араас куонкурустарга кыттан, биллэ уопутурдубут.

Быйыл биһиги курдук бырамыысыланнас муҥутаан сайдыбыт араас омук олорор оройуонугар  ыытыллар буолан, тэҥнээн көрүөх баҕа баһаам. Урукку сылларга ансаамбылынан куонкурус элбэх эбит буоллаҕына, быйыл үксэ “сольнай” буолбут эбит. Өймөкөөн нэһилиэгиттэн биһигини  кытта Ньургун уонна Аксинья Гермогеновтар барыахтара. Ханна тиийдибит да, култуура үлэһиттэрин сиэринэн, өрүү көрө-истэ, уопут атастаһа, үөрэтэ сылдьабыт. Төрдүөн бииргэ кытта үөрүйэх буолан, элбэх ыһыахтарга сылдьан, туох сонуну, кэрэхсэбиллээҕи көрбүппүтүн, дойдубутугар кэлэн олоххо киллэрэбит. Онон атын айар кэлэктииптэри,биирдиилээн толорооччулары көрө-истэ сылдьан, нүөмэрдэрбитин толорор таһыммыт да тубуста. Нерюнгригэ буолаары турар Олоҥхо ыһыаҕар ох курдук оҥостон, сотору кэминэн ыраах айаҥҥа турунаары сылдьабыт.

Тымныы полюһун иллээх, талааннаах  эдэр ыалларыгар Олоҥхо ыһыаҕын бары куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кыттан,  кыайыы кынаттанан кэлэллэригэр баҕарабыт.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Саха сирэ ыһыаҕынан киэн туттар

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар улахан тэрээһиннэргэ бэйэтин санаатын эттэ. “Билигин улахан тэрээһиннэр эрдэттэн былааннанан, үптэрэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан култуура дьон-норуот олоҕор улахан суолталааҕын тоһоҕолоото

"Ил Дарханныын кэпсэтиигэ: “Бэйэтин култууратын харыстыыр норуот хаһан баҕарар сайдыылаах, кэскиллээх. Онон култуураҕа үбү-харчыны кэлин көрүөхпүт…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тутуу, өрөмүөн, суол оҥоруута

Сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ тутуу, өрөмүөн, суол оҥоруутун туһунан ыйытыыга Ил Дархан маннык эттэ: --Барыта былаан быһыытынан…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ойуур баһаардарын утары үлэ өссө күүһүрдэ

Ил Дарханныын кэпсэтиигэ былырыын баччаларга РФ Бэрэсидьиэнэ В. Путин Саха сиригэр кэлэ сылдьыбытын туһунан бэлиэтэннэ.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин сир баайын хостуур эрэгийиэн курдук көрүү суох

“Ил Дарханныын кэпсэтии” биэриини Ил Дархан былырыын баччаларга дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэ сылдьыбытыттан саҕалаата.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурба Дьиикимдэтигэр — «Таптал муостата»

Бүгүн Ньурба улууһугар Дьиикимдэ нэһилиэгэр олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн тутан олоххо киллэрбит «Таптал муостата» үөрүүлээх быһыыга-майгыга…

5 часов ago