Салгыы
Өймөкөөҥҥө -62 кыраадыс тымныыга дьүүктэҕэ көҕөн уста сылдьар

Өймөкөөҥҥө -62 кыраадыс тымныыга дьүүктэҕэ көҕөн уста сылдьар

11.01.2023, 20:07
Бөлөххө киир:

Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө ааспыт сыл күһүнүттэн кыстаабыт көҕөн барахсан -62 кыраадыс тымныыга Куйдуһун үрэҕэр уста сылдьарын туһунан кэпсэтии социальнай ситимнэргэ эмиэ күөрэйэн таҕыста.

Кус тоҥмот дьүүктэҕэ уста сылдьарын хаартыскаҕа Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ тиийэн түһэрбит.

Бу көҕөн уста сылдьарын ситимҥэ ыыппыттарын көрөн, “манна сылдьара буолуо” диэн сэрэйэн көрөн, син балачча көрдөөн буллум. Ахсынньыга “Вести-Саха” теле-биэриигэ түһэрэн ыыта сылдьыбытым. Үнүргү түһэриибэр уонна устуубар куһум көтөр этэ. Билигин да сыыдама, түргэнэ сүрдээх. Ол эрээри көхсө мууһурбут аҕай. Ол да иһин көппөт быһыылаах. Тутаары эккирэтэ сатаатым да, туттарыа суох — сэниэлээх. Былыр хаалан хаалбыт кустар дьүүктэлэргэ кыстаабыт холобурдара баар дииллэр. Итиннэ аһылыга элбэх: хомус хаалара, уу һалахайа (водоросль). Онон аһыыр, үссэнэр.

Куйдуһун гарааһын уолаттара тута сатаабыттар этэ да, туттарбатах этэ. 2-3 буолан уу кэһэр саппыкылаах сылдьан тутуохха сөп буолуо этэ да, эмискэ сылааска киллэрдэххэ тута өлөр. Дьүүктэ билигин 4-6 кыраадыс сылаас. Онон улаханнык тоҥмот. Хайа, уонна тохсунньу тымныытыгар диэри кыстаабыт көтөр тулуһар буолан сырыттаҕа дии. Интэриниэккэ бу өрөбүллэргэ Өймөкөөҥҥө “былыт кэлиэхтээх” диэн көрдөрөр.  Оччотугар былыкка мууһа бэйэтэ түһүөҕэ. Айылҕа оҕото буолан, баччааҥҥа диэри тулуһа сылдьар, — диэн Семен Сивцев быһааран биэрдэ.

Оттон олохтоохтор куһу аһынан, туһугар, санааҕа ыллардылар: «Дьиэҕэ тута өлөр дииллэр. Итинник, айылҕата төһөнү анаабытынан сылдьаахтыыра буолуо. Аны халлаан сылыйыыта ыттар тутуохтара диэн куттал баар. Итиччэ кыстаан истэҕинэ… Биһиги эмиэ өрдөөҕүтэ сэтинньигэ суолга сылдьарын булан дьиэҕэ аҕалбыппыт. Аҕыйах хоммута. Онно дьиэҕэ тута өлөр диэбиттэрэ… Тоҥон өллөҕүнэ сүрэ бэрт дии, өрөспүүбүлүкэҕэ биллибит кус дии… Өлбөт үөстээх кус эбит дьэ, салыннарда!.. Барахсан итинник олорбутунан хам тоҥоро буолуо… Муус куйах хам ылыа, кынаттара мууһурдаҕына хайдах хамсанар… Сотору сибэтиэй уу ыла бардаххытына, куттанан  сурэҕэ тохтуура буолуо… Тугу аһыыра буолуой? Килиэп илдьиэхпин баҕардым…  Саатар кынатын мууһун ыраастаабыт киһи… Атын сиргэ  бэтэринээрдэргэ илдьэн туттараллар. Онно кинилэр туругун кэтээн көрөн баран, үчүгэй  буоллаҕына Орто Дойдуга ыыталлар. Оннук гыналлара буоллар… Дьиэҕэ  буолбакка  хотоҥҥо  эбэтэр гарааска ириэрэ  түһэн, окко сытыаран  эҥин,  хайдах буолуой? Муус кыаhаан буоллаҕына өрүттүбэт дииллэр…”

Дьэ, онон өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аатырбыт Тымныы полюһа Өймөкөөн көҕөнүн көхсүн мууһа бу өрөбүллэргэ былыт кэллэҕинэ түһэр ини диэн эрэнэбит…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: