Салгыы
Өймөкөөҥҥө Айыы санаа айана

Өймөкөөҥҥө Айыы санаа айана

09.07.2023, 13:30
Хаартыска: А.Сорокин (СИА)
Бөлөххө киир:

От ыйын 1-2 күннэригэр Тымныы оройо Өймөкөөн улууһугар «Айыы санаа айана» өрөспүүбүлүкэтээҕи ХVI ыһыах ыһылынна. Томторго ыытыллыбыт ыһыах улуус киинигэр буолбакка, нэһилиэккэ ыытыллыбытынан Олоҥхо ыһыаҕын устуоруйатыгар бастакынан киирдэ.

Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыттан Томтор нэһилиэгэр диэри 890 килэмиэтир усталаах айаҥҥа (Өлүөнэ, Алдан өрүстэри туорааһыны киллэрэн туран), дьон-сэргэ эрдэттэн бэлэмнэнэн Өймөкөөн улууһугар тиийдэ. Ол да иһин, Олоҥхо ыһыаҕын бары ирдэбиллэрэ тутуһуллубут Улуу тунах ыһыах ыалдьыттарын өймөкөөннөр бэс ыйын 29 күнүттэн остуоруйа дойдутун курдук кэрэ-бэлиэ сирдэригэр -– Хороту күөлүн кыраныыссатыгар ыалдьыттары көрсүү сиэрин-туомун тутуһан көрүстүлэр. Онон, түөрт күн устата «Көмүс күрүө» этнографическай комплекска олох күөстүү оргуйда, үрүҥ тунах ыһыах ыһылынна.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Олоҥхо ыһыаҕар бэлиэтээн эппитинэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллара саха култууратын, норуот ускуустубатын – оһуохайы, тойугу, олоҥхону, хомуска оонньооһуну, норуот маастардарын уонна уустарын үлэлэрин сайыннарарга наадалаах.

«Уруйдан, улуу Олоҥхобут»

Олоҥхоһуттар маннык ааттаах күөн күрэстэригэр өрөспүүбүлүкэ 25 улууһуттан 200-тэн тахса олоҥхоһут кытынна. Кинилэр саастарынан көрөн, 5 араҥаҕа арахсан күрэстэстилэр. Тэрийээччилэр олоҥхону соҕотоҕун уонна бөлөҕүнэн толорууга (21 кэлэктиип) саҥаттан-саҥа этээччилэр элбээбиттэрин, ол аата олоҥхону толорууну кэрэхсээччилэр элбииллэрин астына бэлиэтээтилэр. Кинилэр ортолоругар саҥа саҕалааччылар уонна олоҥхону этии маастарыстыбатын баһылаабыттар бааллар.
Бэл, олоҥхону батыһа сылдьан истэччилэр Өймөкөөн курдук ыраах сиргэ тиийэн кэлбиттэрин астына да, соһуйа да көрдүлэр. Бу өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары киэн туттар олоҥхобут көмөтүнэн саха норуота аан дойдуга киэҥник биллибитин, суон сураҕырбытын өссө биир туоһутунан буолла.
Күөн күрэс кыайыылаахтара хас биирдии көрүҥҥэ сэртипикээттэринэн, харчынан наҕараадаланнылар.
Кылаан кыайыылааҕынан Ытык Таатта сириттэн сылдьар, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо күрэстэрин кыайыылааҕа Алексей Николаев ааттанна. Киниэхэ Олоҥхо ыһыаҕын национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков 700 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээти туттарда.
Алексей Алексеевич олоҥхону толоруунан 10 сыл анараа өттүттэн ылсыбыта. Саха олоҥхотун өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр, омук сирдэригэр сылдьан билиһиннэрэн, сылтан сыл аайы маастарыстыбата сайдан, өрөгөйдөөх үөрүүнү биллэ.
«Мин маннык ыраах дойдуга кэлэн, олоҥхо күөн күрэһигэр кыайыам эрэ дии санаабатаҕым, онон соһуччу үөрүү буолла», – диэн туран, Өймөкөөн үтүө-мааны дьонугар, ыалдьыттарга уонна дьүүллүүр сүбэҕэ, кини олоҥхотун сэҥээрэн истээччилэргэ махтанан, үрдүк сыанаттан туойан доллоһутта.
Эдэр олоҥхоһуттарга кыайыы чыпчаалыгар тахсыбыт 22 саастаах Марфа Аммосова олоҥхону 5 сааһыттан толорор. «Олоҥхону аан бастаан толоруохпуттан 17 сыл буолан баран, өр күүппүт кыайыым Тымныы оройугар буолбута хас да бүк үөрүүлээх. Миигин өйөөбүт дьоҥҥо, чуолаан аймахтарбар, салайааччыларбар, төрөөбүт Мэҥэ Хаҥалаһым улууһугар уонна Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар махтанабын», – диэтэ.

«Оһуордаах оһуохай үҥкүүтэ барыбыт түмсүүтэ»

«Ыһыах ханнык баҕарар киэргэлэ – оһуохай. Оһуохайы этээччилэр оһуохайы араастык таһаараллар, ол эрэн, хас биирдиилэрэ ураты талааннаахтар, дьиктилээхэй куоластаахтар уонна маастарыстыбалаахтар. Маннык тэрээһиннэр баар буоланнар, саха норуотун үгэстэрин харыстыырга улахан үлэни ыытабыт», -– диэн СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков күөн күрэстэр кыайыылаахтарын биллэрэр долгутулаах түгэҥҥэ эттэ.
Оһуохай күөн күрэһигэр өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан 88 этээччи кытынна. Икки күннээх күөн күрэс түмүгүнэн оһуохайы бастыҥ этээччинэн Бүлүү улууһуттан сылдьар Каролина Харлампьева ааттанан, Кылаан бириис уонна 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт хаһаайкатынан буолла.
«Мин оҕо эрдэхпиттэн оһуохайдыыбын уонна олоҕум устатын тухары оһуохайбын өрө тутан илдьэ кэллим. Бүгүн миэхэ олохпор уратылаах күн – бүгүн мин төрөөбүт күнүм уонна ийэм төрөөбүтэ 100 сыла туолла. Бу ураты күҥҥэ норуот миигин оһуохайы бастыҥ этээччинэн талбыта — миэхэ үрдүк наҕараада. Мин саха буоларбынан киэн туттабын», – диэн Каролина Петровна үөрүүтүн үллэһиннэ.
Кылаан бириис кыайыылааҕа Каролина Харлампьеваҕа 100 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээти бүтүн ыһыах дьонун ортотугар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников туттарда.

«Дьырылата дьүрүһүйэр Олоҥхо дойдутун хомуһа»

Хомуска оонньооһун маннык ааттаах күөн күрэһигэр Чыпчаал аат Таатта улууһун олохтооҕо Эдуард Тарабукиҥҥа иҥэрилиннэ.
Күөн күрэскэ барыта 30 хомусчут кытынна. Маннык күрэскэ аан бастаан кыттыбыт Эдуард Тарабукин «Алаас ахтылҕана» композицияны толордо. Кыайыылаах кэпсээбитинэн, кини бэйэтэ хомус оҥорор уонна үксүгэр сабыс саҥа оҥорбут хомуһугар хайаан да хомус дьүрүскэн тыаһын таһаарар үгэстээх.
Манна даҕатан эттэххэ, «Үлэнэн чэлгийэр Сахам сирэ» уус-уран оҥоһуктар быыстапкаларыгар кини уонна Таатта улууһун маастардара оҥорбут хомустара, ол иһигэр атыгар олорон ырааҕы одуулуур киһи ойууламмыт дьикти холбукатыттан тахса кэлэр хомус, элбэх киһи биһирэбилин, сэҥээриитин ылыан ылла.

Ыһыахха кэлбит ыалдьыттар, кыттааччылар кэрэ айылҕаларын курдук үтүө мааны дьонноох, таас хайаларын курдук күүстээх санаалаах Өймөкөөн сиригэр-уотугар ыалдьыттаабытынан киэн тутуннубут. Уостубат олох тыына Өймөкөөн сиригэр баарын илэ көрөн итэҕэйдибит. Бу күннэр усталарыгар үйэлэргэ умнуллубат ыһыаҕы тэрийиигэ кылааттарын киллэрбит, барыбытын күндүлээн-маанылаан, кэрэ-бэлиэ сирдэринэн сырытыннаран уһун айан суолун да биллэрбэтэх Өймөкөөн дьонугар-сэргэтигэр махтана хааллыбыт.

ххх
«Өймөкөөн Сордоҥнооҕуттан Саха сирин Күнэ бэйэтин айанын саҕалыыр. Өймөкөөн – Саха сирин хоту, илин, муораҕа тиийэр бары суоллар түмсэр туймуулара. Өймөкөөн аан дойдуга биллэр экстремальнай туризм киинин быһыытынан, ХХI үйэҕэ Саха сирин аан дойдуга арыйда, сир бары уһугуттан дьон тоҕуоруһар сиринэн буолла».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: