Өймөкөөҥҥө быйылгы от былаана ааҕыы-суот кэнниттэн быһаарыллыаҕа

Share

Быйыл Өймөкөөн улууһугар өтөрүнэн буолан ааспатах тымныы кыһын бэлиэтэннэ.

Ахсынньы ыйтан олунньуга диэри  50-60-кыраадыс тымныы турда. Уустук кыстык туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Руслан Атласовы кытта кэпсэттибит.

Быйылгы курдук ураты тымныы кыһын, мин өйдүүрбүнэн, 2005-2006 сылларга буолан ааспыта. Онон уустук кыстык сылгыны улаханнык “тэптэ”: оҕолооһун элбээтэ, аһыы туран охтуу бэлиэтэннэ. Онуоха эбии от хаачыстыбатын мөлтөҕө эмиэ эбиискэлэстэ. Научнай институт сир үлэтин салаатыгар оппутун чинчийтэрбиппитигэр, от хаачыстыбата быстар мөлтөҕүн бигэргэппиттэрэ. Күһүн убаһаны идэһэлээһин  саҕана ыарахан кыстык иһэрэ биллибитэ. Олох көтөх этэ. Онон эрдэ дьаһана сатаабыппыт да, -58С тымныы өр кэмҥэ туран, дьон сылгыларын аһылыкка туруорбуттара. Онон сорох ыаллар кыстык бүтүүтүгэр отторо бүтэн, ыксыы сылдьыбыттара. Сылгы тымныыны 14 күн эрэ тулуйар. Онтон салгыы ыран, охтор аакка барар. Оту тиэйии үбүлээһинин олунньуга, кулун тутарга үстэ төхтөрүйэн оҥорбуппут. Көрбүт үптэрэ кыра буолан, суоппар көстүбэккэ, оту тиэйии бытааран ылбыта.  Быйыл 80-ча сылгыны аҥардас адьырҕа кыыл тарта. Уопсайынан да, эһэ, бөрө үгүс сылгыны, табаны аһылык оҥосторо элбээтэ.  Билигин этэҥҥэ күөххэ үктэннибит. Хайаан да быйылгы сайыҥҥа бэйэбит оттоон хаалыахпытын наада. Кэлии от наһаа айдааннаах. Хайдах хаачыстыбалаах от кэлэрэ биллибэт. Урулуоннаах от сытыйара чахчы булоллаҕа. Ол, биллэн турар, аймалҕаны таһаарар. Аны үбүлээһин кыра буолан, тиэйиитэ да эрэйдээх. Ону учуоттаан быйыл олох бэйэбитин бэйэбит оппутунан хааччыныахха наада.  “Өймөкөөн” ХЭУо салайааччыта Мирон Егоров Томторго Лэглэкэ тыатын толоонугар сирин оҥостон, эбиэс ыһыахтаах. Учуонайдар сүбэлэринэн оҥоһулла сылдьар сир буолан, аны күһүн үүнүүнүн биэрэр ини диэн эрэллээхпит. Салгыы Биэрэк Үрдүгэр баар бааһыналары оҥорон, сиилэс ыһар былаан баар.

Быйыл окко от ыйын 5 күнүттэн тахсыы буолуоҕа. Икки эрэ нэдиэлэ оттообокко, атырдьах ыйа бүтүөр диэри оттуур сорук турар. Быйыл төһө сүөһүнү кыстыкка киллэрэрбитин ааҕан-суоттаан баран, сотору кэминэн от былаанын түһэриэхпит, — диэн быһаарда Руслан Михайлович.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

5 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

1 час ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago