Өймөкөөҥҥө эмчиттэр нэһилиэктэргэ хоно сылдьан үлэлииллэр

Бу күннэргэ оройуоҥҥа доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн эмчиттэр бөлөхтөрө үлэлии сылдьар.
Бу туһунан улуустааҕы»Хотугу сардаҥа» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Тамара Винокурова маннык иһитиннэрдэ:
— Өймөкөөн нэһилиэгэр эмчиттэр иккис биригээдэлэрэ кэлэн үлэлии олорор. Кинилэр нэһилиэктэринэн солбуһа сылдьан үлэлиилэр. Быраастар мобильнай биригээдэлэрин Изабелла Тихонова салайар.

Кини бэлиэтээбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ Өймөкөөн, Томтор, Сордоҥноох нэһилиэктэрин олохтоохторун доруобуйаларын чинчийбит быраастар 335 киһини көрдүлэр, онтон 70 — оҕо. Быраастар иккилии биригээдэнэн үстүү-түөртүү күн нэһилиэктэринэн хоно сылдьан, дьон доруобуйаларын туругун көрөллөр. Лабораннар анаалыс көрдөрүүтүн тута таһаарар буолан, быраастар ыарыһахтары олохтоохтук көрөллөр-истэллэр. Эмчиттэр бэйэлэрин кытта эмп-томп аҕалбыттар, ол ону көрбүт-истибит ыарыһахтарыгар эмтэнэллэригэр босхо биэрэллэр.



Үс ыарыһахха тута көмө оҥоһулунна. Ол иһигэр биир оҕону куоракка ыытан, суһаллык эрэрээсийэлэннэ. Үс киһиэхэ искэн ыарыытыгар бэрэбиэркэлэнэ барарга сүбэлээтилэр. Өрөбүллэргэ Өймөкөөн, Хара Тумул, Биэрэк Үрдэ нэһилиэктэрг сылдьан баран, бэнидиэнньиктэн сэрэдэҕэ диэри үс күн устата быраастар бөлөхтөрө Үчүгэйгэ үлэлиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: