Өймөкөөҥҥө гимназист-волонтердар сэрии оҕолорун эҕэрдэлииллэр
Бүгүн, Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө, «Кыайыы Знамята» аахсыйа чэрчитинэн Наталия Яцышина салайааччылаах Уус-Ньаратааҕы гимназист-волонтердар бөһүөлэк дьаһалтатын салалтатын кытта сэрии оҕолорун эҕэрдэлииллэр.
Гимназистар Виктория Онайко, Изабелла Маликова, Елизавета Телевная, Светлана Шеина, Егор Куликов, Амир Молдокулов уонна Даниил Шабля олохтоохторго дьиэлэринэн уонна үлэлиир сирдэринэн сырыттылар. Патриотическай тэрээһиннэр спонсордарынан Уус-Ньара урбаанньыттара буоллулар. Аахсыйа хас да күн устата барыаҕа диэн Уус-Ньара бөһүөлэк дьаһалтата иһитиннэрэр.
Үгэс быһыытынан Саха сиригэр быйыл бырааһынньык күннэригэр “Георгиевскай ленточка”, “Тэлгэһэнэн ыллыыбыт”, “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ”, “Мин дьиэ кэргэмминэн киэн туттабын”, “Кыайыы түннүгэ” аахсыйалары, оскуолаларга Кыайыы күнүгэр аналлаах кылаас чаастары, хорсун буолуу уруоктары ыытыахтара, мемориалларга сибэкки дьөрбөтүн ууруохтара.
Санаттахха, күн бүгүн Саха сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин 2 тыһ. курдук (сэрии кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, блокада кыттыылаахтара) бэтэрээнэ олорор, итинтэн сэрии кыттыылааҕа – 13, сэрии сылын оҕолоро ааты 12 261 киһи ылбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: