Өймөкөөҥҥө гимназист-волонтердар сэрии оҕолорун эҕэрдэлииллэр

Share

Бүгүн, Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө, «Кыайыы Знамята» аахсыйа чэрчитинэн Наталия Яцышина салайааччылаах Уус-Ньаратааҕы гимназист-волонтердар  бөһүөлэк дьаһалтатын салалтатын кытта сэрии оҕолорун эҕэрдэлииллэр.

Гимназистар Виктория Онайко, Изабелла Маликова, Елизавета Телевная, Светлана Шеина, Егор Куликов, Амир Молдокулов уонна Даниил Шабля олохтоохторго дьиэлэринэн уонна үлэлиир сирдэринэн сырыттылар. Патриотическай тэрээһиннэр спонсордарынан Уус-Ньара урбаанньыттара буоллулар. Аахсыйа хас да күн устата барыаҕа диэн Уус-Ньара бөһүөлэк дьаһалтата иһитиннэрэр.

Хаартыска: Уус-Ньара бөһүөлэк дьаһалтата

Үгэс быһыытынан Саха сиригэр быйыл бырааһынньык күннэригэр “Георгиевскай ленточка”, “Тэлгэһэнэн ыллыыбыт”, “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ”, “Мин дьиэ кэргэмминэн киэн туттабын”, “Кыайыы түннүгэ” аахсыйалары, оскуолаларга Кыайыы күнүгэр аналлаах кылаас чаастары, хорсун буолуу уруоктары ыытыахтара, мемориалларга сибэкки дьөрбөтүн ууруохтара.

Санаттахха, күн бүгүн Саха сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин 2 тыһ. курдук (сэрии кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, блокада кыттыылаахтара) бэтэрээнэ олорор, итинтэн сэрии кыттыылааҕа – 13, сэрии сылын оҕолоро ааты 12 261 киһи ылбыта.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago