Өймөкөөҥҥө халаан иккис долгунун содулун туоратыыга эбии күүһү ыыттылар

Share

Халаан иккис долгунун содулун туоратыыга нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥорорго Өймөкөөн улууһугар эбии күүһү ыыттылар.

Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

«Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан, билигин оройуоҥҥа эбии күүстэри ыытан эрэбит. Бүгүн онно тырааныспар, ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэлэрин исписэлиистэрин анал бөлөҕө айаннаата. Субуотаҕа кинилэргэ ОДьКХ уонна энергетика, тутуу министиэристибэлэрин исписэлиистэрин иккис хамаандата холбоһуоҕа. Бэнидиэнньиккэ бырамыысаланнас уонна инновация министиэристибэлэрин исписэлиистэрэ тиийиэхтэрэ», — диэн Дмитрий Садовников  бэлиэтээтэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу күннэргэ Өймөкөөн нэһилиэгэр уонча быыһааччылаах СӨ нэһилиэнньэ олоҕун куттала суох буолуутун хааччыйар миниистири бастакы солбуйааччы Айаал Вензель салайааччылаах анал бөлөх үлэлиир. Быыһааччылар ууга барбыт дьиэлээх олохтоохторго тустаах көмө оҥороллор уонна халаан балаһыанньатын хонтуруоллууллар.

Гидрометсулууспа иһитиннэрбитинэн, Индигиир өрүс үөһээ тардыытыгар уонна салаатыгар сөҥүү түһүүтэ тохтообут. Юрта, Агайакаан, Уус-Ньара уонна Ала-Чубук гидропостарыгар уу таһыма түһэн эрэр. Өймөкөөн гидропоһугар олохтоох бириэмэнэн 21:00 чааска уу таһыма 511 см (-1 см), критическэйэ — 480 см. Кэлэр 24 чаас иһигэр уу таһыма күүскэ үрдүүрэ сабаҕаламмат.

Халаан иккис долгунун түмүгэр 30-ча тиэргэн ууга баран турар. От ыйынааҕы халаантан эмсэҕэлээбиттэртэн 2620 сайабылыанньа киирдэ, онтон 1911 сайабылыанньа — биир кэмнээх үп-харчы көмөтүгэр, 707 олоххо наадалаах баай-дуол сүппүтүнэн сибээстээн үп-харчы көмөтүгэр, 2 киһи доруобуйатыгар хоромньуну ылбытын түмүгэр биир кэмнээх төлөбүргэ киирдэ. Итинтэн 1547 сайабылыанньаҕа сөптөөх быһаарыы ылылынна.

От ыйын 31 күнүттэн мобильнай биригээдэлэр көмөлөрүнэн сылааһынан хааччыйар эбийиэктэргэ чөлүгэр түһэрии үлэтэ саҕаламмыта. Атырдьах ыйын 20 күнүгэр ол үлэ түмүктэннэ.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/10372 сигэнэн аах.

Recent Posts

  • Сонуннар

Хаарбах дьиэттэн көһөрбөтөхтөрүгэр холуобунай дьыала тэрилиннэ

Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтин салайааччы Александр Бастрыкин Дьокуускай хаарбах дьиэлэргэ олохтоох дьонун үҥсүүлэринэн, кинилэр бырааптарын кэһии…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

10 000 ыал социальнай гаастааһын бырагырааматынан ититиигэ холбонно

Бүгүн, алтынньы 13 күнүгэр, Хатас сэлиэнньэтигэр Охлопковтар дьиэ кэргэҥҥэ гаас холбонон, үөрүүлээх түгэн буолла. Бу…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэс саастаах кыысчаан түүн көмө көрдөөн түннүгүнэн хаһыытаабыт…

Дьокуускайга полицейскайдар 5 саастаах оҕотун дьиэтигэр таһыттан хатаан баран барбыт ийэни эппиэтинэскэ тардыбыттарын туһунан ИДьМ…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ сылдьар катердар маршруттарын уларыттылар

Бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр алтынньы 13 күнүттэн, Дьокуускайдааҕы өрүс пуордуттан Аллараа Бэстээххэ диэри  катерынан дьону  таһыы…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өрүстэр бүгүҥҥү туруктара

Дьокуускайдааҕы гидро-метео ыстаансыйа управлениета Саха сирин өрүстэрин алтынньы 13 күнүнээҕи туруктарын туһунан иһитиннэрэр.    Өрүстэр…

6 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Барга билсэн баран харчытын уорбут

Дьокуускай  полицейскайдара 44 тыһ. солк. кэриҥэ харчыны уорууга уорбаланар киһини туттулар.  Полиция 1-кы №-дээх отделын…

6 часов ago