Өймөкөөҥҥө икки гибрид энергетическэй комплекс үлэҕэ киирдэ

Өймөкөөҥҥө икки гибрид энергетическэй комплекс үлэҕэ киирдэ

06.12.2024, 15:22
Хаартыска: Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

«РусГидро» ПАО Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн уонна Орто Балаҕан нэһилиэктэригэр аныгы локальнай энергетическэй эбийиэктэри – 1,9 МВт кыамталаах автоматизированнай гибрид энергетическэй комплекстары (АГЭК) үлэҕэ киллэрдэ.

Бу эбийиэктэр аныгы технологиялары туһанан тутуллаллар. Хас биирдии энергетическэй комплекс үрдүк таһаарыылаах диисэл электрическэй уотунан уонна  күн уотуттан  үлэлиир ыстаансыйалардаах, биир автоматизированнай хонтуруоллуур систиэмэнэн холбоһор эньиэргийэни мунньар систиэмэлээх. Күн электростанцияларын уонна экономиялаах дизельнэй генератордары туһаныы тиэйиллэн аҕалыллар оттук кээмэйин биллэ аҕыйатыаҕа уонна тулалыыр айылҕа салгыныгар охсууну аҕыйатыаҕа. Сонун сүүрээн Илин экэнэмиичэскэй пуорумҥа «РусГидро» хампаанньаны кытта сөбүлэһии чэрчитинэн олоххо киирдэ. Уопсайа 73 маннык эбийиэк тутуута былааннанар.

Энергетическэй комплекстар өрөспүүбүлүкэ 13 нэһилиэнньэлээх пуунугар олоххо киирдилэр. Бу иннинэ маннык комплекстар Улахан-Күөл, Кулун Өлбүт, Хонуу, Чуумпу-Кытыл, Сааһыыр нэһилиэктэригэр уонна Верхоянскай куоракка бааллара. Кинилэр  уматык ороскуотун 1400 туоннанан кыччаттылар. Бу сыл  балаҕан ыйын саҥатыгар Өлүөхүмэ оройуонун Урицкое, Дабаан уонна Саҥыйахтаах нэһилиэктэригэр, ону тэҥэ Томпо оройуонун Тополинай нэһилиэгэр уопсайа 3,7 МВт кыамталаах АГЭК үлэҕэ киирдэ. Бу нэһилиэнньэлээх пууннар бары кииннэммит уотунан хааччыйыыттан тэйиччи сыталлар, кыһын манна — 60 кыраадыстаах тымныы түһэр. Онон уотунан хааччыйыы эрэллээх буолуута олохтоох дьон олохторугар куттал үөскээбэтигэр улахан суолталаах.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: