Өймөкөөҥҥө Куйдуһун муостата алдьаныыта – ураты хонтуруолга
Олоҥхо ыһыаҕын кэнниттэн Өймөкөөн улууһугар хас да хонуктаах күүстээх ардах түһэн, Куйдуһун муостата сууллан, Сордоҥноох нэһилиэгэр сырыы-айан харгыстанна.
Улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов бу күннэргэ улуус мунньаҕын дьокутааттара, баһылыктара, салайааччылара кыттыылаах оройуоннааҕы Ыксаллаах быһыы-майгы мунньаҕын ыытта. Онон сүбэ мунньах быһаарыытынан, бу күннэргэ үөскээбит кыһалҕаны быһаарыыга былааннаах үлэ барар.
Сордоҥноох нэһилиэгин баһылыга Альберт Вензель иһитиннэрбитинэн, сайыҥҥы хасааһы — бурдугу, саахары, мас арыытын кыһыҥҥы суолунан сыл аайы эрдэ таһар буолан, бүгүҥҥү күҥҥэ барыта орун оннугар баар. «Бастаан утаа муоста алдьанан хаайтарбыт 16 киһини ЫБМ бөртөлүөтэ кэлэн, Томторго тиэрдибитэ. Икки туонна уматыгы илдьэн түҥэтэн, моой отчуттар ходуһаларыгар тахсан оттуу сылдьаллар», — диэн бэлиэтээтэ Альберт Вензель.
Оттон бу күннэргэ СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин пресс-сулууспата бэйэтин саайтыгар иһитиннэрбитинэн, Куйдуһун муостатын өрөмүөннээһиҥҥэ туспа быһаарыы ылылынна. Ол курдук, министиэристибэ телеграмыгар этиллэринэн, чинчийии көрдөрбүтүнэн, 1979 сыллаахха тутуллубут 296 м мас муоста саахалланар туруктаах буолан, тирэхтэрэ уонна арыттара уларытыллан оҥоһуллуохтаах эбиттэр. Онон анал былаанынан 2014 сыллаахха саҥардыллан тутуллубут муоста систэрин бастакы арыта (пролет) оннунан хаалыаҕа, атыттара уларытыллыахтара. Маны таһынан, “Өймөкөөн” өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолун ардах уута сууйбут үс учаастагар (км 156+130, км 156+320, км 156+490) өрөмүөн бара турар.
Миэстэтигэр СӨ Айан суолларын управлениетын исписэлиистэрэ үлэлииллэр. Бэдэрээччиттэри кытта суол туругун хонтуруоллааһын ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: