Өймөкөөҥҥө Куйдуһун муостатын тутуута уу түһэрин кытта ыкса сибээстээх

Өймөкөөҥҥө Куйдуһун муостатын тутуута уу түһэрин кытта ыкса сибээстээх

13.10.2023, 17:30
Хаартыска уонна видео СӨ Тырааныспар министиэристибэтин телеграм-ханаалыттан, "Северная заря" уонна "Хотугу сардаҥа" хаһыаттартан, Өймөкөөн улууһун батсаап бөлөхтөрүттэн
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар Куйдуһун муостатын дьон сатыы туоруу сылдьарын туһунан видео, хаартыска куйаар ситиминэн тилийэ көттө.

Бу маннык ис хоһоонноох сурук видеонан уонна хаартысканан бигэргэммитэ, балаһыанньаны өссө ыаратан биэрдэ…

Дьиктитэ баар, быйыл сайын ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Ийэ айылҕа суолталаах тэрээһин буолуон икки нэдиэлэ устата ардаҕын түһэрбэккэ, ыалдьыттары анаан чаҕылхай күнүнэн айхаллаан көрсүбүтэ. Мэктиэтигэр, олохтоохтор бэйэлэрэ да куйаас күннэр бу курдук уһуннук турбуттарыттан соһуйа санаабыттара. Онтон ыалдьыттарын атаараат, Ийэ айылҕа от ыйын 4 күнүттэн уһун дохсун ардаҕы курулаччы кутан, суолу-ииһи алдьатан, муосталары сууйан, айылҕа иэдээнэ улууска өр сылларга бэлиэтэммэтэх хоромньуну аҕалбыта. Икки нэһилиэк — Өймөкөөн уонна Сордоҥноох үгүс дьиэлэрин уу ылбыта, дьон оҕуруоттарыттан — кыһыҥҥы хаһаастарыттан көрө маппыттара… Томтор  уонна Сордоҥноох нэһилиэктэрин сибээстиир  Куйдуһун  муостатын дохсун уу сууйан, Сордоҥноох нэһилиэгин олохтоохторо от ыйыттан ыла айанныылларыгар эрэйи көрдүлэр. Кырдьык, муостаны туораан эрэйи көрөр дьон балаһыанньатын бу маннык түбэлтэҕэ бэйэтэ түбэспит эрэ киһи сыаналыан сөп.

Ити сурулларын курдук «хайдах курдук биһиги кимиэхэ да наадата суохпутун, былаас мөлтөҕүн, бары «сылаас» миэстэ эрэ иһин тойон буолан олороллоро…» диэн кыларыйар кырдьыга эбитэ буоллар, биллэн турар, улахан айдаан тахсыбыта ыраатыа этэ. От ыйын 13 күнүгэр дохсун ардахтан Куйдуһун муостата сууллубутун кэнниттэн улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов тустаах министиэристибэни, Ил Түмэн дьокутаата Сахамин Афанасьевы кэпсэппитин түмүгэр б.дь. атырдьах ыйын 16 күнүгэр норуот дьокутаата балаһыанньаны быһааран туран, оччолорго Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир А.В. Тарасенкоҕа бу суолталаах боппуруоһу быһаарарга официальнай сурук суруйбута. Онно бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Куйдуһун муостатын саҥардыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи Суол пуондатыттан 700 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтүн туһунан иһитиннэрбитэ.

1979 сыллаахха тутуллубут 296 м мас муоста саахалланар туруктаах буолан, тирэхтэрэ уонна арыттара  уларытыллан оҥоһуллаллара быһаарыллыбыта. Онон анал былаанынан 2014 сыллаахха саҥардыллан тутуллубут  муоста систэрин бастакы арыта (пролет) оннунан хаалыахтаах, атыттара уларытыллыахтаахтар. САРМ муостата туруохтаах. Өймөкөөҥҥө Куйдуһун муостата эрэ сууллубатаҕа. Томтору киин сири кытта сибээстиир  Наледнай муостата эмиэ сууйуллубута. Сырыы олох тохтоон хаалбыта. Тырааныспар миниистирин солбуйааччы Анатолий Потапов уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Суол хаһаайыстыбатын салайааччылара суһаллык кэлэн Куйдуһун муостатын тэҥэ «Өймөкөөн» өрөспүүбүлэкэтээҕи суол бары муосталарын анаан көрөн-истэн барбыттара. Ол түмүгэр Наледнай муостата аҕыйах хонугунан өрөмүөннэнэн, сырыы олохтоммута.

Оттон Куйдуһун муостатын тутааччылар муоста тутуутугар туттуллар бары матырыйааллары илдьэ тиийэн, үлэлиир былааннарын торумнаан, быйыл кыһын үлэлиэхтээх сирдэрин булан, анаан онно үлэлиирдии дьаһанан олохсуйан олороллор. 700 мөлүйүөн солкубай, биллэн турар, тутуу матырыйаалыгар ороскуоттанар буоллаҕа.  Ол эрээри Ийэ айылҕаны ким да утары барар кыаҕа суох. Быйыл күһүн уһаан, Куйдуһун үрэх уута түһэн биэрбэккэ, үлэ хаамыытын атахтаан турар. Аны тымныы, атын улуустарга курдук түһэн биэрбэккэ, быйыл Өймөкөөҥҥө эмиэ ичигэс күн-дьыл турар. Санаан көрүҥ, хайдах дохсун сүүрүктээх дириҥ ууга муоста тутуутун ыытыаххыный? Аны баччаларга уу тоҥор бэйэтэ, тоҥмото…

Биллэн турар, уустуктар бааллар. Ыраах Тымныы полюһунан биллэр улуус  олохтоохторо муоста оҥоһуллубакка эрэйи көрөллөрө баар суол. Ол эрээри былаас уорганнара маныаха «олох кыһаммакка олороллор» диэн сыыһа өйдөбүл барара кимиэхэ наадалааҕый? Быйыл сайыны быһа улуус дьаһалтата төлөбүрүн уйунан,  Сордоҥноох, Томтор олохтоохторун биэрэктэн биэрэккэ мотуордаах оҥочонон буор босхо таһа сырыттылар.  От ыйыттан ыла улуус хаһыаттара «Северная заря» уонна «Хотугу сардаҥа», бу хаһыаттар телеграм-ханааллара улуус салайааччыларыттан, Ил Түмэн дьокутаата Сахамин Афанасьевтан туох үлэ барарын туһунан ыйыталаһан, дьоҥҥо нүөмэр аайы тохтоло суох  иһитиннэрэ-биллэрэ олороллор. Онон оройуон хаһыаттарын суруттаран ааҕар дьон балаһыанньаны төрдүттэн билэллэр.

Өймөкөөҥҥө Куйдуһун муостата алдьаныаҕыттан ыла «Сахамедиа» медиа-холдинг хаһыаттарын уонна саайтарын суруналыыстара чаастатык суруйан, туох миэрэ ылылларын күн бүгүҥҥэ диэри сырдата олоробут. Быйылгы курдук элбэхтэ Өймөкөөн улууһун туһунан суруйбуппут суоҕа — бу улуус олоҕо -дьаһаҕа хаһааҥҥытааҕар да хото сырдатылынна. «Саха» НКИХ  «Тэтим» араадьыйатыгар тахсан эмиэ хаста да билиһиннэрбитим. Биллэн турар, хаһыаты аахпат дьон былаас уорганнара туох да үлэни ыыппаттарын курдук саныыллара, дьон алдьаммыт муостаны сатыы туоруу сылдьалларын видеотын ситимнэртэн көрөн сыана быһаллара чахчы.

Соторутааҕыта Өймөкөөн нэһилиэгин эргэ оскуолата турар биэрэгэ сиҥнэн, хаалан турар ытык дьиэ  сууллаары турара тарҕаммыта. Билигин бу Куйдуһун муостатын туоруу сылдьаллара тарҕанна. Мэлдьэһиллибэт — баар суол. Ол эрээри быар куустан баран итини барытын туораттан кэтээн олорор салайааччы суоҕун тэҥэ. Балаһыанньаны үөрэтэн, тустаах миэрэ ылыллан, үлэ бара турар. Өймөкөөн эргэ оскуолатын Индигиир өрүс тоҥноҕуна, сиэри-туому тутуһан көтүрүөхтэрэ.  Үөһээ бэлиэтээбитим курдук, кэлиҥҥи сылларга Өймөкөөн нэһилиэгэр дохсун уу кэлэн, нэһилиэккэ мотуордаах оҥочонон сылдьар гына халаанныыр буолла.

Биллэн турар, итэҕэһи-быһаҕаһы ыйар наада. Ол эрээри, дьыаланы төрдүттэн билэн баран, кими да үөхпэккэ, сэтэрээбэккэ, балаһыанньаны күүркэппэккэ  кэпсиир ордуга чахчы. Олох араас уустук өрүтэ улуус аайы баар. Ол барыта кэмигэр туоратыллан иһэрэ чахчы. Ону барытын батсаабынан тарҕаппакка, бэйэлэрин истэригэр быһаара олордохторо.

Биллэн турар, үрүйэ аайы тимир муоста тутуллубата чахчы. Оттон Өймөкөөн улууһун үрүйэлэрэ, ааһан иһэн көрдөххө бааллара-суохтара биллибэтин иһин, дохсун ардахха, ити видеоҕа соҕуруу куораттары сотон ааһар халаан уутугар тэҥнээх дохсун үрэх буола түһэллэр. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр дохсун уу суолу ортотунан сууйан кэбиһэр да, сырыы-айан соҕотохто харгыстанан хаалар.

Ордук сыл аайы Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо хайаттан түһэр үрүйэ  суолларын быста да, айаннаабакка хаайтаран хаалаллар.

Бу нэһилиэк эр дьоно бэйэлэрэ сүгэлээх, эрбиилээх тиийэн, мас муоста оҥорорго күһэллэллэр. Суоллара алдьанан, олохтоохтор хаста да эрэһиинэ оҥочонон туоруу сылдьыбыттара. Улуус салалтата көсмүсчүттэр вахтовкаларын кэпсэтэн, утары көлө көрсө сылдьыбыт түбэлтэтэ эмиэ баара. Онон бу нэһилиэк олохтоохторо кыһын эрэ чох таһар суолу сылы эргиччи туттуллар гына ситэриилээх былаас отчуоттарыгар туруорсаллар. Улуус салалтата бу күннэргэ тырааныспар миниистирин солбуйааччы Семен Коркины кытта көрсөн кэпсэппиттэрин түмүгэр, боппуруос оннуттан хамсаан, тустаах исписэлиистэр анал докумуоннары хомуйсан эрэллэр.  Онон бырабыыталыстыба, тырааныспар министиэристибэтэ,  СӨ Суол хаһаайыстыбатыгар управлениета, улуус салалтатын, олохтоох баһылыктар кэмиттэн кэмигэр сүүрэн-көтөн көстөр уустуктары туоратан иһэр буолан, тыйыс килиимэттээх хоту улуус тулуһан олорор.

Хомойуох иһин,  сылы эргиччи адаар таас хайалар чыпчаалларынан ааһар суоллаах-иистээх, сайынын дохсун ардахха хайаттан түһэр үрүйэлэрэ түргэн  сүүрүктээх үрэх буола түһэр соҕотох тыйыс климатическай усулуобуйалаах оройуон Арктическай улуус ахсааныгар киирбэт буолан, туох да чэпчэтиинэн туһаммат. Аны аан дойдуга тымныытынан Өймөкөөн эрэ аатырар эбээт. Биллэн турар, Арктическай улуустар ахсааннарыгар киирэрэ буоллар,  уустук балаһыанньаттан тахса сатыыр улуус олохтоохторугар кыра да өйөбүл төһүү көмө буолуо этэ. Ити этэн аһарбытым курдук, былаас уорганнара кэмигэр тиийэн кыһалҕаны барытын туоратан испэттэрэ буоллар, суол-иис эрэ көмөтүнэн олорор улуус олоҕо олох айгырыа этэ. Эгэ, Олоҥхо ыһыаҕын ыытар туһунан этии көтөҕөн, уостан түспэт үрдүк таһымнаах өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыаҕы ыытыа этэ дуо? Бу матырыйаалы суруйа олорон, быйыл сайын социальнай ситимнэргэ Томтор нэһилиэгин олохтоохторо «Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, эргэ дьиэлэри көтүрэн субуотунньуктуохха, нэһилиэкпитин ыраастыахха» диэн санаалаах  эргэ дьиэлэр хаартыскаларын холобурдаан ыыппыттарын саныы биэрдим. Сотору буолан баран, «Томтор нэһилиэгэ маннык көрүҥнээх Олоҥхо ыһыаҕын көрсөөрү олорор» диэн суруйуу өрөспүүбүлүкэ устун эмиэ тилийэ көппүтэ. Онно мин тута «Тэтим» араадьыйаҕа тахсан, «саха дьоно, бэйэ-бэйэбитин харыстыаҕыҥ, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэ сылдьар дьон үтүө санаанан сиэттэрэн ыыппыт хаартыскаларын утары ис хоһоонноон, сэтэрээн тарҕатары тохтотуоҕуҥ» диэн ыҥырбытым. Ол кэнниттэн итинник араас хаартыска, сурук тарҕанара тохтообута. Оттон  улуус нэһилиэктэрэ бары түмсэн, сомоҕолоһон, көмөлөһөн, өйөөн,  хайдахтаах курдук Томтору үрдүк таһымнаахтык бэлэмнээн, бүтүн өрөспүүбүлүкэ ыалдьыттарын көрсүбүттэрин, онно сылдьыбыт дьон айхаллаабыттара уос номоҕо буола сылдьар.

… Ити видеоҕа этиллэрин курдук, Өймөкөөн оннук быстан-ойдон, айгыраан, дьадайан олорор улуус буолбатах.  Болҕомтону эрэйэр да буоллахха, таһымнаахтык, сиэрдээхтик, сирэйи кистээбэккэ, ааты-суолу ааттаан туран туруорсар ордуга чахчы.

Бу Куйдуһун муостатын тутуута быһаарыллыбыта өр буолбутун, Ийэ айылҕа уустук усулуобуйата тутуу ыытылларын харгыстаабытын быһаараары бу маннык сиһилии ырытан суруйдум. Тутааччылар Куйдуһун муостатын тутуутун эһиил кулун тутарга түмүктүүр соруктаахтар.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: