Өймөкөөҥҥө кыһыҥҥы суол үлэҕэ бэлэм

Share

Быйыл Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун салалтата хаһааҥҥытааҕар да ситэриилээх былаас отчуотугар киирбит сүрүн боппуруостары быһаарыыга үлэлэһэр.

Ол курдук, соторутааҕыта Аартык бөһүөлэгэр 8 кыбартыыралаах дьиэ тутуллуута быһаарыллан, салайааччылар үлэ ыытыллар сирин көрөн-истэн кэлбиттэрэ. Бу күннэргэ улуустааҕы олох-дьаһах сайдыытын уонна үлэни-хамнаһы тэрийэр, быраабы хааччыйар сулууспа салайааччыта Василий Поскачин нэһилиэктэринэн сылдьан ситэриилээх былаас отчуотугар киирбит сүрүн боппуруостары быһаарсар соруктаах үлэлиир.

— Сордоҥноох нэһилиэгин олохтоохторо исписэлиистэргэ аналлаах олорор дьиэ суоҕунан сибээстээн, урукку сылларга нэһилиэктэн 40 км тэйиччи баар Сытыган Сылба бадараанын туһанарга тутуллубут дьиэни эргэриэн иннинэ олорор дьиэҕэ уларытан оҥорорго этии киллэрбиттэрэ. Нэһилиэк баһылыга Альберт Вензели кытта көрсөн, бу эбийиэги саҥардан, 4 кыбартыыралаах гына оҥорорго сүбэлэстибит.

Сотору кэминэн бу дьиэни анал идэлээх исписэлиистэринэн бэрэбиэркэлэтэн баран, салгыы үлэлэһиэхпит.

Маны таһынан, Сордоҥноохтон Томторго дылы барар суол устунан талах дэлби үүнэн, сорох сиргэ саахал тахсыан куттала баарын, олохтоохтор эмиэ сэрэтэн тураллар. Баһылыгы кытта ол сирдэри көрөн-истэн баран, эмиэ бу бопппуруоска салгыы үлэлэһиэхпит.

Сордоҥнооххо кэлиҥҥи сылларга Индигиир өрүс халаанныыр буолан, биэрэги бөҕөргөтөр үлэни ыытарга олохтоохтор ситэриилээх былаас отчуотун аайы туруорсаллар. Уу тоҥмутун кэннэ, ол сири тиийэн үөрэттибит. Тустаах инстанцияны кытта эмиэ үлэ ыытыллыаҕа.

Кыһыҥҥы суолу көрүүгэ-истиигэ аукциоҥҥа Томтор нэһилиэгин олохтоох урбаанньыта Александр Долженков кыайбыта.

Бу күннэргэ кини «Томтор-Өймөкөөн» айан суолун кыһыҥҥы сырыыга табыгастаах гына оҥорон бэлэмнээтэ.

Урбаанньыт аны “Томтор-Сордоҥноох” туһаайыынан суолу оҥорууга ылсыаҕа.

Өймөкөөн нэһилиэгэр нэһилиэк баһылыга Павел Ввасильевы кытта 2024 сылга бэс ыйыгар Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрэ ыһыахтыыр сирдэрин көрдүбүт, — диэн улуус нэһилиэктэригэр командировкаҕа сырыытын туһунан Василий Поскачин билиһиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago