Өймөкөөҥҥө олохтоох көҕүлээһин бырагырааматынан — алтыс бырайыак
Тымныы полюһунан аатырар «Өймөкөөн — Тымныы оройо» муниципальнай тэриллии олохтоох көҕүлээһин бырагырааматыгар (ППМИ) 2018 сылтан ылсан үлэлиир.
Бу туһунан олохтоох дьаһалта сүрүнннүүр исписэлииһэ Наталья Реброва кэпсиир:
— Бырагыраамаҕа үлэлэһиэхпититтэн ыла уопсайа 5 бырайыагы олоххо киллэрдибит.
Ол курдук, култуура дьиэтин уонна успуорт саалатын хапытаалынай өрөмүөннэрэ, Улуу Кыайыы искибиэрин, Н.О. Кривошапкин аатынан орто оскуола былааһаккатын тутуулара, улууссаларга уот ситимин холбооһун курдук үлэлэр — нэһилиэкпит киэн туттар кэрэ көстүүлэрэ.
Аны быйыл олохтоох көҕүлээһин бырагырааматын чэрчитинэн 2 560 000 солкуобай сууммалаах «Беларусь» тыраахтар ылынарга быһаарыммыппыт. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэк буоларбыт быһыытынан, тыраахтар көлөҕө олус наадыйабыт. Нэһилиэкпитигэр 664 төбө ынах сүөһүнү (онтон ыанар ынаҕа 206 төбө), 842 төбө сыспай сиэллээх сылгыны (онтон биэтэ 400 төбө) иитэбит. 5 бааhынай хаһаайыстыбалаахпыт. Быйыл 765 туонна от бэлэмнэннэ. Тыраахтарбытын ыларбытыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 1 500 000 солкуобайы, олохтоох бүддьүөттэн — 500 000 солкуобайы, шефтээх «Богуславец» ХЭУо көмүс хостуур тэрилтэ – 400 000 солкуобайы уонна олохтоох нэһилиэнньэ 160 000 солкуобайы хомуйан көмөлөстүлэр. Тыраахтарбытын тыа хаһаайыстыбатыгар оту-маһы тиэйиигэ, ыксаллаах быһыыга-майгыга, суол-иис оҥоруутугар уонна нэһилиэкпитин тупсарыы курдук өҥөлөргө туттуохпут. Түгэнинэн туһанан, тыраахтар көлөнү ыларбытыгар күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар, биир дойдулаахтарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Дойдубут барахсан өрүү үүнэ-сайда, чэчирии-чэлгийэ турарын туһугар бары биир түмсүүлээх буолартан ордук күндү суох.
Ити курдук, олохтоох көҕүлээһин бырагыраамата олус көдьүүстээҕин билэр буолан, Өймөкөөн нэһилиэгин олохтоохторо сыл аайы кэриэтэ араас бырайыакка кыттан, сонун сүүрээн быһыытынан, аныгы олох тэтиминэн олороллор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: