Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар — “Өбүгэ нэһилиэстибэтэ“
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар барар улуустар дэлэгээссийэлэрэ, ыалдьыттар Тымныы полюһугар ыһыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи 16-с ыһыахха айааннаары тэринэн эрэллэр.
Үгүс дьон кэлэр нэдиэлэ саҥатыттан ыраах айаҥҥа туруналлар. Ыһыахха айанныыр дьон Өймөкөөн кэрэ айылҕатыгар хаартыскаҕа, видеоҕа түһэн, балаакканан хоно-хоно ыксаабакка айаннаары сөптөөхтүк тэриммиттэр. Аара баран иһэн киһи тохтоон хаартыскаҕа түһэригэр үгүс бириэмэ барар. Онон ыксаан, муҥ кыраайынан айанныахтааҕар, эрдэ холкутук хоҥно турбут ордук. Өймөкөөн улууһугар ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕа “Айыы санаа айана” диэн тосхолунан ыытыллар. Аата да этэрин курдук, аара айаннаан иһэн, Томторго тиийиигэ араас санаа сайҕанан, үтүөнү оҥорор толкуй кыыма уһуктан, дууһа сырдаан, сүргэ көтөҕүллэн тиийиэҕэ. Өймөкөөн кэрэ айылҕатын көрбүт дьон бу үтүөкэннээх сиргэ дьыл араас кэмигэр иккистээн-үһүстээн бараллара үгэскэ кубулуйда. Ол да иһин араас омук дойдуларын дьоно манна туризмы сайыннаран, орох тэптэхтэрэ.
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар дойду араас эрэгийиэннэриттэн үгүс ыалдьыт тиийиэҕэ. Бу тэрээһиҥҥэ “Өбүгэ нэһилиэстибэтэ“ диэн ат киэргэлин эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы куонкуруһа быйыл үбүлүөйдээх 5-с төгүлүн ыытыллыаҕа. “Өбүгэ нэһилиэстибэтэ“ Арассыыйатааҕы таһымнаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус туһунан ССРС култууратын туйгуна, РФ уонна СӨ култууратын туйгуна, уопсастыбаннай диэйэтэл, “Симэх” норуот төрүт ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин дириэктэрэ Яна Игнатьеваттан кэпсииригэр көрдөстүм.
— 2015 сыллаахха ат киэргэлин оҥорор маастардары бииргэ түмэр инниттэн “Өбүгэ нэһилиэстибэтэ” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээли тэрийбиппит.
Быйыл ытык Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар үгэс буолбут ат симэҕин толору кэмбилиэгин оҥорууга 10-тан тахса улуус, Дьокуускай куорат, Тыва уонна Алтай өрөспүүбүлүкэлэрин ааттаах-суоллаах маастардара кыттыыны ылыахтара. Томторго Тыва Өрөспүүблүкэтиттэн уус-уран оҥоһукка норуот маастара Сат Кенин Күдүш-оолович кэлиэҕэ. Кини “дарган” тимир ууһа. 1994 сылтан тимиринэн уһанар. Ийэтин өттүнэн аймахтара бары биллэр тимир уустара, анаан акка туттар сэби-сэбиргэли оҥорор уус дьон эбит. Кенин Кудуш-оолович өссө оҕо сылдьан 7-8 тимир ууһа үлэлиир сирдэригэр уһуйуллууну ааспыт. Сыыйа үөрэнэн, уопутуран, аатырбыт маастардар билиниилэрин ылбыт.
Монгуш Артыш Борбак-оолович – үгэс буолбут Тыва музыкальнай инструменнарын уонна ох сааны оҥорууга идэтийэр мас ууһа. 15 сыл үлэлээбитин тухары 300 тувиннар музаыкальнай инструменнарын оҥорбут. Билигин кини оҥорон таһаарбыт инструменнарынан Туватааҕы национальнай оркестр, муусука тыйаатыра, “Саяны” диэн аатырбыт үҥкүү ансаамбыла, Кызыллааҕы ускуустуба кэллиэһэ, «Тыва», «Чиргилчин», «Алаш» уо.да. фольклорнай бөлөхтөр тутталлар. Норуот маастарын музыкалтьнай инструменнарынан оонньонор ырыалары, муусуканы Европаҕа, Монголияҕа, Казахстааҥҥа, Кытайга, Японияҕа, АХШ уо.д.а. дойдуларга истибиттэрэ.
Аржан Владиславич Кухаев – Алтай Өрөспүүблүкэтин норуот маастара. Кини бэйэтин үлэтин историктар былыргы сир хаһыытыгар булбут оҥоһуктарынан сирдэтэр. 1996 сылтан Алтай норуотун уус-уран оҥоһугун пропагандатынан дьарыктанар. Араас суолталаах тэрээһиннэргэ кыттан, бэйэтин норуотун кулътууратын пропагандалыыр.
Алтай Өрөспүүбүлүкэтин Туризм уонна экэниэмикэ сайдыытын министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлиир буолан, ювелирнай оҥоһуктар, тимиртэн уонна тирииттэн оҥоһуктары оҥорууга сэминээрдэри тэрийэр.
2016 сыллаахха Саха сиригэр Дьааҥыга ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кэлэн кыттыбыта. Онно Аржан Кухаев үгэс буолбут национальнай оҥоһуктары сайыннарыыга бэйэтин санаатын эппитэ. Бу тэрээһиҥҥэ Алтай норуотун бэрэстэбиитэлигэр саха героическай эпоһын “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону тарҕатыыга уонна пропагандалааһыҥҥа сүҥкэн кылаатын иһин Бочуотунай кырааматанан наҕараадаламмыта.
“Өбүгэ нэһилиэстибэтэ“ Арассыыйатааҕы таһымнаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска Саха сирин аатырбыт маастардара ат симэҕин киэргэллэрин анаан көрдөрөөрү тэринэ аҕай сылдьаллар.
Быйыл Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа Саха сиригэр Дьөһөгөй сыла буоларынан сибээстээн, бары тэрээһиннэр ис хоһоонноро саха атын айхаллааһыҥҥа ананыахтара.
Өймөкөөн ытык сирин олохтоохторо сылгыны ииттэр буолан, бу тэрээһиҥҥэ ураты болҕомитону ууралларыгар эрэнэбит, — диэн норуот уус-уран оҥоһугар уонна төрүт үгэс ускуустубатыгар эксперт Яна Игнатьева санаатын үллэһиннэ.
Онон Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттара, бу тэрээһини көтүтүмэҥ, истиҥ, көрүҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: