Өймөкөөн улууһун олохтоохторо үрүҥ өҥнөөх сэдэх куруҥ от (иван-чай) сибэккилэрин буллулар. Бу сибэкки сэдэх көстүүлээх альбинос үүнээйи буолара билиннэ.
Дьикти көстүүнү Биология проблемаларын институтун кылаабынай научнай үлэһитэ Надежда Данилова быһаарда.
– Альбинизм — наадалаах пигмент суоҕуттан организм уратыта буолар. Үүнээйилэргэ бу көстүү кыылларга уонна киһиэхэ курдук сэдэх ыарыы түмүгэр үөскүүр — генетическэй кэһии түмүгэр. Сибэкки сорох чааһыгар наадалаах пигмена суох буолуон сөп: сэбирдэҕэр, умнаһыгар. Сибэкки сэбирдэҕэ эбэтэр умнаһа күөх өҥнөөх хлорофилл эттигин сүтэрэр.
Түмүгэр айылҕаҕа, Өймөкөөн улууһугар курдук үрүҥ сибэккилэри көрүөхпүтүн сөп. Манна үүнээйилэри сүүс бырыһыан дьиҥнээх альбиностарынан ааҕар сатаммат. Үүнээйи хас биирдии көрүҥэ тус-туспа өҥнөөх. Онтон үрүҥ өҥнөөх сибэкки – бу биһиги билэр үүнээйибитигэр өрүү көрөр өҥмүтүттэн атын, генетическэй кэһилээх буолаллар. Альбинос сибэккилэри декоративнай суордун буоһатыыга туһаныахха сөп. Саха сиригэр сүүс бырыһыан альбинос үүнээйилэри көрө иликпин. Арай биирдэ эмит ходуһаларынан күүлэйдии сылдьан альбинос сибэккилээх биир-икки үүнээйини таба тутан көрүөххэ сөп, — диир Надежда Данилова.
Нарыйа Пахомова
РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай…
Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчы харбаан ылар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх…
Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…