Өймөкөөн улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа түмүктэнэн, суолталаах тэрээһин ыалдьыттара бу күннэргэ дойдуларын этэҥҥэ буллулар.
Үгүс дьон көһүппэтэхтэрин илэ көрөн, «Тымныы полюһугар ураты дьикти ыһыах ыһыллан ааста» диэн бэлиэтииллэр. Биллэн турар, бу Ыһыах үтүөкэннээх Алгыһы кытта ыкса сибээстээх.
Олоҥхо ыһыаҕын сынаарыйын суруйбут СӨ култууратын туйгуна, СӨ тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын туйгуна, “Олоҥхо тыйаатыра” литературнай-драматическай чааһын салайааччыта Майя Власьеваны кытта бу туһунан анаан кэпсэттим.
«Алгыс сиэригэр-туомугар эн дьоҥҥо туох эрэ ураты толкуйу биэрэн, быйылгы ыһыахха дьикти санаа, тыын уһугунна. Бу туһунан санааҕын үллэстэриҥ буоллар» диэн кэпсэтиибин саҕалаатым.
Маныаха Майя Николаевна туох хоруйу биэрбитин сиһилии «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Майя Власьеваҕа тэҥнээх Олоҥхо ыһыаҕын ыытыыга сынаарыйы суруйар киһи суох. «Эйиигин олус кыахтаах араадьыйа суруналыыһын быһыытынан билэбит. Аны билигин Олоҥхо ыһыахтарыгар эйиэхэ тэҥнээх сценарист киһи суоҕа чахчы. Эн туйаххын хатарар киһини бэлэмниир санаалааххын дуо?» диэн ыйыппыппар, сэһэргэһээччим маннык хоруйдаата:
— Билиитэ татым, кинигэни аахпат, олоҥхону билбэт, сатаан ырыппат киһини мин хайдах үөрэтиэхпиний? Быйылгы ыһыахха сценарист эрэ быһыытынан буолбакка, алгыс тэрээһинигэр эмиэ үлэлэстим. Бу үлэлиир кэммэр Олоҥхо институтун үлэһитэ Алла Божедонова «эйиэхэ үөрэниэхпин баҕарабын» диэн баҕа санаатын биллэрдэ. Кини сылгы өҥүгэр кандидатскай диссертация суруйбута. Ону көмүскүөхтээх. Баҕалаах киһини кытта бииргэ сылдьан уһуйар бэрт буоллаҕа. Мин да киниттэн учуонай быһыытынан көрүүтүгэр үөрэниэм этэ.
Манна ситэрэн эттэхпинэ, алгыс сиэрин-туомун хасыһан үөрэтэн саҕалыырбар үтүө сүбэһитим — олоҥхону толорооччу, алгысчыт Петр Тихонов-Тэрчи. Биир сүрүн сүбэһитим — профессор, филологическай наука хандьыдаата, эпосовед Василий Илларионов. Онон кинилэргэ махталым сүҥкэн. Улахан түһүлгэҕэ аан бастаан сүрэхтэммит, олус холку эрээри ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх Өймөкөөн улууһун алгысыттарыгар Константин Винокуровка, Семен Сивцевкэ, Николай Старковка махталым муҥура суох!
Үһүөн да бэрт холку туттуулаах-хаптыылаах, ылыннарыылаах саҥалаах-иҥэлээх, киһи олох эркин курдук эрэнэр дьоно. Ол да иһин алгыс баһа сыаланна. Ытык дойду — кырдьаҕас Өймөкөөн сирэ үтүө хараҕынан көрбүтүттэн, тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ буоларбынан, эмиэ испэр сэмээр үөрэбин.
Быйыл Күнү көрсүү сиэрэ-туома өбүгэ саҕанааҕы ирдэбили сөргүтүү быһыытынан барда. Бу туһунан сценарист Майя Власьева санаатын маннык эттэ:
— Тоҕус кулугулаах сэлэни тардан, дьэрэкээн көҕөннөрдөөх кулуннары Тымныы полюһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар аан бастаан баайдыбыт. Өймөкөөн сылгылара дойду сылгыларын курдук буолбатахтар, дьиикэйдэр. Кулунчуктара өрө бэрдэрэн, өссө сүрдээх тэһиилэр. “Һуу, бу туох айылаахха түбэстибит?!” диэбиттии, иҥэрсийии да иҥэрсийии, биир кэм тиргиллэн, тэбиэлэнэн, быаларын тоҕо тарда сатыыр айдааннаахтар. Онон сылгыһыттар “сэрэххэ” диэн хос быа баайталаабыттара.
Улуус нэһилиэктэрин талба талааннаах далбар хотуттара, кэрэ куолар бэрт дьэрэкээн көҕөннөрү, биэлэргэ сулардаах көнтөһү оҥорон, миигин наһаа үөртүлэр. Нэһилиэктэринэн арааран, үлэ былаанын быһаарбыттар. Онтон ыла киэһэ аайы дьахталлар мустан, үлэлии олорор хаартыскаларын ыытан, олус тэрээһиннээхтик бэлэмнэммиттэр.
Ити курдук сырдатан туран, сэһэргэһээччим Майя Власьева Өймөкөөҥҥө ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар сылгы култууратыгар адьас умнуллубут кэрэ тэрили хайдах сөргүппүттэрин уонна да атын бэрт сонун кистэлэҥнэри арыйыаҕа. Онон чэппиэрдээҕи хаһыакка бу туһунан хайаан да ааҕаарыҥ.
Хаартыска — Майя Власьева тиксэриитэ уонна «Саха» НКИХ устуутуттан скриншот.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…