Өймөкөөҥҥө сылгыга уустук кыстык ааһан эрэр
Быйыл Өймөкөөн улууһугар олус тымныы күн-дьыл туран, сылгы кыстыга хаһааҥҥытааҕар да олус ыараханнык ааһан эрэр.
Бу туһунан Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров маннык кэпсиир:
— Соторутааҕыта нэһилиэк сылгыһыттара түмсэн, кыстык балаһыанньатын ырытар сүбэ мунньахтарыгар кыттыыны ыллым. Өймөкөөҥҥө ыйтан ордук -60-ча кыраадыс тымныы туран, дьиэ бу сүөһүтүн туруга олус мөлтөөтө. Үгүс хаһаайыстыбаҕа сылгы ырыганнаабыта бэлиэтэннэ. Ол курдук, холобура, аҥаардас биһиги дьиэ кэргэн хаһаайыстыбатыгар 20-чэ биэ аһылыкка киирдэ.
Дьиҥэр, саас төрүөххэ эрэ эбии аһылыкка киллэрэр этибит буоллаҕа. Сыл саҥатыгар сүүрбэччэ сылгы аһылыкка киириитэ — сэдэх түбэлтэ. Урукку сылларга сүрүннээн эдэр уонна кырдьаҕас сылгылары эбии аһатыыга киллэрэр эбит буоллахпытына, быйыл орто саастаахтар кытта ырыганныыр буолбуттар.
Тымныы полюһунан аатырар хотугу улуус сылгыһыттара бырабыыталыстыбаттан, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн быйыл өртөөһүнү көҥүллүүргэ туруорсаллар. Өртөммөт буолан, от аһыйан хаалар. Быйыл ходуһа, хонуу толору уулаах тоҥон хаалан, сылгы хаһыытыгар уустуктары үөскэттэ. Онон сылгы хаһыытыгар табыллыбакка, ас көрдөөн, хаамарга күһэллэн, биллэ ырыганнаата. Сылыйа илигинэ сааскы кэмҥэ өртөөһүҥҥэ эрдэ көҥүл биэрэллэрэ буоллар, сылгыһыттар эппиэтинэһи ылынан, тустаах болдьоххо үлэни үмүрүтүө этилэрэ.
Бу күннэргэ Томтор сылгыһыттара хаһаайыстыбаларыгар анаан эбии оту сакаастаан, тиэйтэрэн эрэллэр. Маныаха улуус салалтата уонна тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениета эрдэттэн үлэлэһэн, от тиэллэн эрэрэ олус көмөлөөҕө чахчы.
Тыа сирин сылгыһыттара улуус сайдар кэскилэ көмүс хостооһунун кэнниттэн сылгы иитиитэ буоларын толору өйдүүллэр. Уустук кэмҥэ сылгы ахсаанын аҕыйаппакка, оннунан тута сатыыр былааннаахпыт. Онон «үөһээҥҥи салалтабыт кыһалҕабытын өйдүүллэригэр эрэнэбит» диэн туран, Өймөкөөн сылгыһыттара тус санааларын тиэрдэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: